Салгыы
Паром сырыыта эмиэ уһаата

Паром сырыыта эмиэ уһаата

Ааптар:
18.10.2022, 08:39
Бөлөххө киир:

Халлаан өтөрүнэн тымныйыа суох чинчилээх. Норуот синоптига Тускул алтынньы, сэтинньи ыйдар сылаас буолуо диэбитэ. Халлаан билиҥҥи туругуттан көрөн,  Саха сиригэр паром сырыыта  эмиэ уһаата. Бу иннинэ алтынньы 18 күнүгэр суудуналар сырыылара тохтуохтаах этэ. 

Бэҕэһээҥҥи быһаарыынан Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыыта алтынньы 25-27 күннэригэр диэри уһатылынна. Билиҥҥи туругунан ити хайысханан 12 суудуна үлэлиир.

Бүлүү өрүскэ түөрт учаастакка паромнар үлэлииллэр. Алдан өрүскэ халлаан тымныйан эрэринэн былаан быһыытынан бүгүн паруом сырыыта тохтуур. Бүгүҥҥү туругунан Өлүөнэ өрүскэ  Уус Куйгааттан Аллараа Бэстээххэ диэри суудуналар сылдьаллар.  Витимтэн Дьокуускайга диэри сырыы былаан быһыытынан бүгүн, оттон Осетроваттан Витимҥэ диэри суудуналар сырыылара алтынньы 22 күнүгэр тохтуур.

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан суудуналар сырыылара тохтооҕуна, муус үчүгэйдик туруор диэри Жатай-Төхтүр хайысханан ыйааһыннаах бааржалар ледокол арыаллаах үлэлиэхтэрэ. Бу кэмҥэ паром өҥөтүн туһаныы тарыыба атын буолуоҕа. Ол туһунан ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Саргылаана Матвеева билиһиннэрбитэ. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан сылдьар паромнар тарыыптара   2016 сыллаахха олохтоммут туругунан хаалар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: