Паромунан туорааһын төлөбүрэ билиннэ

Share

СӨ сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ Өлүөнэ өрүс нөҥүө паромунан тиэйии муҥутуур сыаналарын бигэргэттэ.

Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, кыра ыйааһыннаах тырааныспары тиэйии сыаната үрдээбит. Кэмитиэт быһааран этэринэн, бу сылтан ыла тырааныспар ыйааһыныттан буолбакка, паром палубатыгар сабардыыр миэстэтиттэн төлөбүрү ааҕыыга көһүү саҕаланыа. Бу курдук суоттааһынтан сылтаан легковой массыынаны тиэйии төлөбүрэ үрдээбит. Таһаҕас тиэйэр улахан массыыналары туоратыы төлөбүрэ 2022 сыл таһымыгар хаалбыт.

Бүгүҥҥү күн туругунан тиэйии төлөбүрэ бу курдук буолбут:

1,5 туонна ыйааһыннаах тырааныспар – 650 солк. (эрдэ 500 солк. этэ);

1,501 туоннаттан 2,0 туоннаҕа диэри – 950 солк.;

2,001 туоннаттан 2,3 туоннаҕа диэри – 1100 солк.;

2,301 туоннаттан ыарахан тырааныспар – 1400 солк.

Тырааныспар министиэристибэтэ биллэрэринэн Дьокуускай – Аллараа Бэстээх, Хачыкаат – Мохсоҕоллоох, Хаҥалас – Суотту туһаайыыларынан өрүһү паромунан туоратыы ыам ыйын 25 күнүттэн саҕаланар. Дьокуускай – Аллараа Бэстээх туһаайыыга 12 паром сылдьыаҕа, Хачыкаат – Мохсоҕоллоох туһаайыыга — 4 паром, Хаҥалас – Суотту хайысхаҕа икки паром сылдьара күүтүллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

17 секунд ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

12 часов ago