СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) алтыс ыҥырыылаах түөрт уонус уочараттаах пленарнай мунньаҕар бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи нолуок бэлиитикэтигэр уларытыылары киллэрдилэр.
Күн-түүн ыарыы турар сыана нэһилиэнньэни улаханнык дьиксиннэрэр. Онуоха нолуок тутуллуута эмиэ улахан оруолу ылар. Ол иһин Бырабыыталыстыба көҕүлээһининэн, нэһилиэнньэҕэ сыана үрдээһинин хайдах эмэ тутар сыалтан өҥөнү оҥорооччу урбаанньыттарга уонна тэрилтэлэргэ нолуогу төлөөһүҥҥэ чэпчэтиилэри олохтуур дьаһаллары ыллылар.
Сүрүннээн ити уларыйыыларга сөп түбэһиннэрэн, 2022 с. урбаанньыттар патеннааһын систиэмэтинэн ылыахтаах сыллааҕы дохуоттарын нолуоктааһын 2024 сылга диэри уһатылынна. Итини тэҥэ судургутутуллубут уонна нолуоктааһын патеннаммыт систиэмэтинэн икки сыллаах «нолуоктан сынньаныы» аан бастаан саҕалыыр урбаанньыттарга эмиэ уһатылынна.
Бу сокуоҥҥа федеральнай уларыйыыга сөп түбэһиннэрэн социальнай-экэнэмиичэскэй урутаан сайдыы барар сиригэр-уотугар уларытыылары киллэрэн, урутаан сайдыы сирэ-уота диэн ааттанар буолуо. Оттон «хостооһуну» оҥорбот ТОР резиденнэрэ тэрилтэлэрин баайын-дуолун балаансаҕа 2023 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ туруордахтарына, нолуоктарыгар чэпчэтии атыннык ааҕыллыа. Ол курдук, нолуогу төлүүртэн толору босхолооһун бастакы 5 сылга эрэ туһаныллыаҕа, онтон кэлэр 5 сылга 50 % төлүүр буолуохтара.
Манна өссө биири бэлиэтээн эттэххэ, 2022 сылтан саҕалаан байыаннай дьаһалга кыттааччылар, бэйэлэрин аатыгар сурулла сылдьар тырааныспардарыгар нолуогу төлүүртэн босхолоноллор (ол матассыыкыл, массыына, мотореллер, оптуобус, таһаҕаһы таһар массыына да буолуон сөп).
Итини тэҥэ 2021-2025 сылларга куорат итиэннэ куорат таһыгар, атын да куораттарга дьону таһар оптуобустардаах биирдиилээн урбаанньыттарга уонна тэрилтэлэргэ эмиэ тырааныспар нолуогар чэпчэтии олохтонуо.
Аны 2023-2027 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ олоҕу хамсатар тэрилтэлэргэ, чуолаан, электроэнергетика ситимигэр, ону тэҥэ уу тырааныспарын тэрилтэлэрин баайдарыгар-дуолларыгар нолуокка эмиэ чэпчэтии киириэ. Ити чэпчэтиилэри олохтооһун уот энергиятыгар тарыыбы 0,7 % — 5,1 %, оттон уу тырааныспарынан таһаҕаһы тиэйии тарыыбын 2,4 % — 2,5 % тутуо.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…