Хаартыска: sakhagov.ru
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, бэс ыйын 9 күнүгэр, дьону-сэргэни патриотическай тыыҥҥа иитии Сүрүннүүр сэбиэтин мунньаҕын ыытта.
Эрэгийэн салайааччыта былырыын сыл бүтэһигэр дойду бэрэсидьиэнэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ төрүттэрин уонна үгэс буолбут Арасыыйа олохтоохторун духуобунай сыаннастарын харыстааһыны уонна сайыннарыыны бигэргэтии туһунан ыйаахха илии баттаабытын бэлиэтээтэ. Бу докумуон чэрчитинэн бүгүн Арассыыйаҕа гражданнары патриотическай тыыҥҥа иитии үлэтэ ыытыллар.
«Билигин биһиги дойдубутугар, сыаннастарбытыгар арҕааттан ыытар үлэ кутталынан суоһуура баар. Онон биһиги балаһыанньаны таба өйдөөн, ханнык хайысхаҕа болҕомтобутун ууран үлэлиэхтээхпитин тобулуохха наада. Онон, бастатан туран, паториотическай тыыннаах бырайыактары олоххо киллэрэр сорук турар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар уонна улуустарыгар париотическай тыыннаах кииннэри тэрийэргэ сорудахтаата. Бу сорук 2023 сылтан саҕалаан 2025 сылга диэри патриотическай иитиигэ туһуламмыт Кэлим тэрээһиннэри ыытыы эригиэйиэннээҕи былааныгар киириэҕэ.
Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин, Саха сирин Бочуоттаах олохтооҕун, 101 саастаах Наум Трифонович Слепцову кэлэн…
Ыалдьыты былыр үөрэ-көтө айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута…
Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ буолар. Олохтоохтор…
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа кыттыыны ылла. Адаптивнай үөрэх…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына "Хаарчаана бэлэҕэ"…