Педагогическай династия хаһаайыннара Жерготовтар — Чөркөөх ытык ыала

Share

Быйыл дойдуга Педагог уонна уһуйааччы, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылыгар түбэһиннэрэн, Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгин биир дойдулаахтарын түмсүүтэ Саха сиригэр үрдүк үөрэхтээһини сайыннарыыга сүҥкэн кылааттаах, педагогическай институт бастакы дириэктэрэ, үөрэҕирии уонна доруобуйа харыстабылын наркомунан үлэлээбит Иван  Жегусов төрөөбүтэ 125 үбүлүөйдээх сылын киин куоракка олорор Чөркөөх оскуолатыгар үлэлээбит учууталлары түмэн бэлиэтээтэ. 

Чөркөөхтөн төрүттэх кэргэннии Жерготовтар — нэһилиэк, улуус эрэ буолбакка өрөспүүбүлүкэ киэн туттар учууталлара.

Ыал аҕа баһылыга — СӨ үтүөлэх учуутала, Дьокуускай куорат Киин уокуругун аҕаларын сэбиэтин салайааччыта,  РФ «Арассыйа патриота» бочуоттаах аат хаһаайына,  подполковник, «Саха гимназия»  уопсай орто үөрэхтээһин тэрилтэтин ОБЖ (НВП) үрдүк категориялаах учуутала  Егор Жерготов. Егор Егорович солотун аахтаххына, бүгүн бүппэккин — наҕараада, аат-суол баай киһитэ. Кини тапталлаах кэргэнэ, олоҕун аргыһа, түөрт оҕо амарах ийэтэ Надежда Жерготова — нуучча тылын уонна литературатын үрдүк категориялаах учуутала. «РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайката СӨ Педагогическай эциклопедиятыгар киирэн турар. «Чөркөөх оскуолата дуо?» диэн киэн тутта этэр буоллахтарына — бу Надежда Павловна сыралаах үлэтин түмүгэ. Кини  оскуолаҕа иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ.

Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгин биир дойдулаахтарын түмсүүтэ нэһилиэктэриттэн төрүттээх учууталлары түмэн чиэстээбитин туһунан учуутал  Жерготовтар санааларын  маннык үллэһиннилэр:

Ыал ийэтэ Надежда Павловна төрөөбүт Чөркөөҕүн кытта быстыспат ситимнээхтэрин туһунан бу курдук кэпсээтэ:

Биир дойдулаахтар көрсөр дьоро киэһэлэригэр ытыктанар учуутал Надежда Жерготоваҕа «Чөркөөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» диэн анал бэлиэни туттардылар.

Уһуйааччы уонна Үлэ сылларыгар бу төрөөбүт дойдутун саамай үрдүк наҕараадатын тутан, Надежда Павловна ис дууһатыттан үөрдэ уонна долгуйда. Чөркөөхтөр убаастыыр учууталларын үөрүүтүн тэҥҥэ үллэһиннилэр, кылааһын оҕолоро махтал тыл бастыҥын эттилэр. Онон «Дьокуускайга — Чөркөөх нэһилиэгин күнэ» киэҥ далааһыннаах тэрээһини сырдатар репортааһым иккис түһүмэҕин дьоруойдарынан педагогическай династия хаһаайыннара, кэргэннии Жерготовтар буоллулар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

3 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

3 часа ago