Салгыы
Песков: быстах хомуур ханнык даҕаны “саҥа долгуна” суох  

Песков: быстах хомуур ханнык даҕаны “саҥа долгуна” суох  

13.10.2022, 11:30
Бөлөххө киир:

Дмитрий Песков сорох губернатордар быстах хомуурунан саҥа сорудаҕы туппуттарын бигэргэппэтэ.

РФ бэрэсидьиэнин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков Арассыыйаҕа быстах хомуурга ыҥырыыга ханнык даҕаны “саҥа долгун” суох диэн иһитиннэрдэ. Ол туһунан кини суруналыыстарга эттэ.

 “Ханнык даҕаны саҥа ыҥырыы суох”, — диэтэ Песков суруналыыстарга, Арассыыйа сорох губернатордара быстах хомууру ыытыыга саҥа сорудаҕы туппуттарын туһунан иһитиннэриилэригэр олоҕуран ыйытыыларыгар.

Кини этэринэн, бу балаһыанньаҕа хас биирдии губернатортан  онон тугу этээри гыналларын чопчулуохха наада.

Алтынньы 11 күнүгэр Курскай уобалас бырабыыталыстыбатыгар мобилизация бастакы түһүмэҕин түмүктээн, “иккис  түһүмэххэ” киирэллэрин туһунан эппиттэрэ.

Ростовскай уобалас губернатора Василий Голубев эрэгийиэҥҥэ быстах хомуурга саҥа сорудах биэрбиттэрин уонна муниципалитеттарга ыҥырар хамыыһыйалар ону толорууну саҕалаабыттарын туһунан иһитиннэрбитэ.

Судаарыстыбаннай Дуума Оборуонаҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Швыткин Арассыыйа эрэгийиэннэрин баһылыктарын быстах хомуур “иккис түһүмэҕэ” саҕаламмытын туһунан иһитиннэриилэрэ туох да олоҕо суоҕун, бу “бара турар процесс” буоларын эппитэ.

Дмитрий Каверин, “Российская газета” хаһыаттан,

Илья Питалев/РИА «Новости» хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: