Петр Кирьян: «Кэмигэр оҥоһуллубут сөптөөх быһаарыныы»
Саха сирин былааһа федеральнай киини кытта үлэлэһэн байыаннай хомуурга барбыт дьонугар өйөбүл буолар.
Быстах суһал байыаннай хомуурга барбыт дьоммутун өйүүр туһуттан Саха сирэ биир кэлим координационнай киини тэрийиитэ улахан өйөбүл буолла. Бу киин СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин иһинэн Москва куоракка тэрилиннэ.
Экспиэрт Петр Кирьян бэлиэтииринэн, СӨ Ил Дархана буола турар быһыыга-майгыга сөптөөх быһаарыныы ылынан, суһал байыаннай хомуурга барбыт Саха сирин олохтоохторугар тустаах өйөбүлү оҥорор кыахтааҕын туһунан этэр.
Санатан эттэххэ, саҥа тэриллибит координационнай киин сүрүн сыала-соруга:
— байыаннай сулууспалаахтарга уонна дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн сөптөөх өйөбүл оҥоһулларын сүрүннээһин уонна хонтуруоллааһын;
— РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин уонна атын тустаах биэдэмистибэлэри кытта бииргэ үлэлиири сүрүннээһин, хааччыйыы;
— Саха сириттэн сылдьар эчэйиини ылбыт байыаннардарга көмөлөһүүнү сүрүннээһин;
— Саха сириттэн сылдьар байыаннайдарга матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй өттүнэн көмөлөһүүнү үүннээһин-тэһииннээһин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: