Ыам ыйын 29 күнүгэр Владимир Путин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаевы кытары көрсүһүүтүгэр Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын, ол иһигэр доруобуйа харыстабылын ситиһиилэрин, кэпсэттилэр.
Бу көрсүһүү түмүктэринэн бэйэтин санаатын Онкология диспансерын онколог-хирура Петр Владимирович Никифоров бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
— Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаевы кытары көрсөн, кини 5 сыллаах үлэтин түмүгүн үрдүктүк сыаналаата.
Бэрэсидьиэн өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай бэлиитикэ ситиһиилэрин чорботон бэлиэтээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, кырдьык Айсен Сергеевич көҕүлээһининэн, 2018 сыллаахха онкология диспансера үлэлииргэ табыгаһа суох уопсай дьиэттэн ирдэбилгэ эппиэттиир урукку төрүүр дьиэҕэ көспүтэ. Бу көһүү биһиги сулууспабытыгар сырдык саҕахтары арыйбыта, билигин Онкология баараҕай улахан киинэ арыллаары турар.
Онон, мин биһиги Ил Дархаммыт «Өрөспүүбүлүкэбит — бараммат баайа норуотугар» диирин тылынан буолбакка, дьыаланан дакаастата дии саныыбын.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038