Салгыы
Петр Шамаев: «Уол оҕону иитиигэ аҕа хайаан да кыттыахтаах»

Петр Шамаев: «Уол оҕону иитиигэ аҕа хайаан да кыттыахтаах»

18.10.2022, 19:35
Бөлөххө киир:

 Ырыаһыт Аркадий Николаев – Эрхаан Алҕаа миигин, аҕаккаа!” диэн саҥа ырыата таҕыста. Билиҥҥи уустук, байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр бу ырыа олус тоҕоостоох буолла.

Бу күннэргэ Талбан биэриигэ аҕалар уонна оҕолор ыалдьыттаатылар. Бу биэриигэ уол оҕону хайдах эр киһилии майгылаах гына иитии туһунан кэпсэтиигэ СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистир Петр Шамаев санаатын үллэһиннэ:
—  Патриотическай иитиигэ олунньу 24 күнүн кэнниттэн Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан муус устарга былаан оҥоһуллубута уонна саҥа сокуон ылыныллыбыта. Ол курдук, аҥаардас тэрээһининэн эрэ муҥурдаммакка, ыччаты, оҕону оскуола сааһыттан байыаннай иитиигэ бэлэмниэххэ наада дии саныыбын. «Үрүҥ уолан» уонна атын да байыаннай эбии үөрэх курдук уруоктар наадалар. Ону сэргэ, уол оҕону иитии дьиэ кэргэнтэн тахсар диэн бэлиэтиэххэ наада. Уол оҕону иитиигэ аҕа кыттар буоллаҕына, бу уол ыччаты, эр дьону кытта тэҥҥэ сылдьар буолар. Оттон уол оҕону ийэ эрэ иитэр буоллаҕына, ол оҕо кэтэмэҕэйдиирэ, саарбахтыыра элбэх буолар. Мин алта сааспыттан булка уһуйуллубутум. Билигин быыс булан уолбун булка-алка илдьэ сылдьыахпын баҕарабын. Эр дьон оҕону иитиини ийэҕэ сэлээннээтилэр. Оҕону иитэргэ чэпчэки буоллун диэн оҕоҕо суотабай төлөпүөн, көмпүүтэр туттаран кэбиһэллэр. Ол түмүгэр, оҕо социальнай ситимҥэ арааһы көрөн тас дойдулар дьайыыларынан иитиллэн тахсар. Холобур, мин үлэм кэнниттэн тиийэн оҕолорбор болҕомто уура сатыыбын, оонньуубун. Онон уол оҕону иитиигэ аҕалар кыттыһыахтаахтар дии саныыбын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: