Салгыы
Плейстоцен паарката: туох сыаллаах эспэримиэний?

Плейстоцен паарката: туох сыаллаах эспэримиэний?

Ааптар:
28.09.2023, 21:20
Хаартыска: https://pleistocenepark.ru/саайтан
Бөлөххө киир:

Глобальнай сылыйыыны утары көдьүүстээх ньыманы көрдөөһүн аан дойду учуонайдарын барыларын долгутар. Бу кыһалҕаны быһаарыы, сылыйыы тэтимин намтатыы кэлэр кэскилбитигэр сүрүн сабыдыаллаах үлэ буолуон сөп. Биир ордук кэскиллээх хайысханан Саха сиригэр тэриллибит эспэримиэн – Плейстоцен паарката буолуон сөп. Соторутааҕыта паарка Андрей Мельниченко Пуондатын өйөбүлүн ылбыт. Плейстоцен паарката уонна Андрей Мельниченко Пуондата уон сыллаах бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэһии түһэрсибиттэр.

10 сыллаах сөбүлэһии

Плейстоцен пааркатын дириэктэрэ Никита Зимов уонна Елена Чернышкова балаҕан ыйын 22 күнүгэр пресс-кэмпириэнсийэ тэри­йэн суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Тоҕо бизоннары Канадаттан буол­бакка, Данияттан атыыласпыттарын, төһө кэминэн биллэр уларыйыылар барыахтаахтарын, глобальнай сылыйыыга туундара оннугар үөскүөхтээх “сэлии истиэбэ” хайдах дьайыахтааҕын, Андрей Мельниченко Пуондата тугунан бу эспэримиэҥҥэ көмөлөһөрүн туһунан, уо.д.а. ыйытыыларга сиһилии хоруй биэрдилэр.

Сэлии истиэбин сөргүтүү

Наука тиһэх ситиһиилэринэн интэриэһиргиир ааҕаач­чым “Плейстоцен паарката” эспэримиэн сыалларын туһунан сүрүннээн билэр буолуох­таах. Кылгастык эттэххэ: бырайыак сүрүн сыала – 160 кв. миэтэрэ иэннээх сиргэ туундара иннинэ үөскүү сылдьыбыт эко-систиэмэни сөргүтэн көрүү буолар.

Туундара үөскүөн иннинэ баар буола сылдьыбыт ходуһа истиэпкэ тыһыынчанан бөдөҥ кыыл ыстаадалара мэччи­йэллэрэ. Билиҥҥи муох, лабык­та, тиит мас оннугар туорах­таах оттор үүнэллэрэ, тулалыыр эйгэ чыҥха атын туруктааҕа. Мэччийэр сүөһү ол оту сиэн тыллыы уонна кэхтии эргиирин түргэтэтэллэр, ону кытта бытааннык үүнэр үүнээйилэр тарҕаныыларын тохтотоллор. Бу үрдүк таһаарыылаах эко-­систиэмэ диэн ааттанар. Маннык айылҕа хас даҕаны улуу мууһуруу эпохаларын ааһан, бэрт ситиһии­лээхтик сайда-үүнэ турбут. Онтон, тиһэх мууһуруу эпохатын түмүгэр, 14500 сыл анараа өттүгэр бу сирдэргэ булт дьарыктаах дьон биис уустара кэлэн барбыттар. Үгүс учуонайдар тутуһар гипотезаларын хоту, дьон бу эко-систиэмэни алдьатар кыахтаах хоромньуну оҥорбуттар. Харыстабыла суох булт ньымалары туттан дьон бөдөҥ кыыл ахсаанын лаппа аҕыйаппыт, онтон сылтаан бытааннык үүнэр үүнээ­йилэр сири-уоту сабардаан барбыттар, мэччирэҥ сир аҕыйаабытыттан хаалбыт кыыл-сүөл кыһыны туоруур кыаҕа суох буолан, ахсаана эмиэ түһэн барбыт. Ити курдук, киһи дьайыытыттан сылтаан, хоту намыһах таһаарылаах туундара эко-систиэмэтэ үөскээбит. Билигин Арктика эрэги­йиэнигэр Плейстоцен эпохатын кытта тэҥнээтэххэ, 100 төгүл аҕыйах бөдөҥ кыыл үөскүүр, аһыыр кыахтаах.

Туох туһаны аҕалыан сөбүй?

Плейстоцен пааркатын дириэктэрэ Никита Зимов сөргүтүллэр эко-систиэмэ глобальнай сылыйыыны бытаардарга улахан көдьүүстээх буо­луон сөп диэн түөрүйэни тутуһар. Үрдүк таһаарыылаах эко-сис­тиэмэ ирбэт тоҥ инчирээһинин тохтотуон сөп, ону кытта салгыҥҥа баар углероду намтатарга сабыдыаллаах буолуон сөп. Хайдах ону ситиһэрий? Ирбэт тоҥ кыһын иһигэр сайыҥҥы ирээһинин сөргүтэр. Ол эрэн, хаар сири үллүйэн сылааһы тутар дьоҕурдаах, сир тоҥуутун бытаардар. Өскөтүн мэччийэр кыыл-сүөл биллэрдик элбээтэҕинэ, сир “харааран”, сир тоҥуута ордук дириҥ буолар.

Углероду баайыы туорах­таах билиҥҥи муох уонна лабыкта сабардаабыт сирин солбуйдаҕына, хас да төгүл күүстээх силиһэ сир анныгар тэнийэн углероду органикаҕа кубулутан тутар буолар. Бу куруутун умайар тайҕатааҕар ордук эрэллээх углероду тутар ньыма буолуон сөп. От дьүһүнэ тыатааҕар сырдык, онон күн уотун сырдыгын тэйитэр дьоҕура ордук күүстээх. Бу киэҥ масштабка аахтахха, дьайыыта кырата суох. Уонна, биллэн турар, “бөдөҥ кыыл ахсаана элбиирэ олох­тоох нэһилиэнньэ олоҕун хаачыс­тыбата тупсарыгар улахан оруол­лаах”, – диэн этэр Никита Зимов.

Тэбиэн тымныыны тулуйумтуо”

1996 сылтан үлэлээбит Пааркаҕа бастаан олохтоох кыылы, сүөһүнү ииппиттэрэ. Саха сылгыта, кыыл таба уонна тайах 2000 гектар сиргэ мэччийэн барбыттара. Онтон овцебык, бизон, калмык ынаҕа, як, зубр, коза, бараан, тэ­­биэн курдук тыынар тыын­наах көрүҥнэрэ улам-улам кэлитилээбиттэрэ. Биллэрин курдук, бизон уонна овцебык тыйыс айылҕа тымныытын тулу­йан, ууһаан-үөскээн барбыттара. Пресс-кэмпириэнсийэҕэ Никита Зимов кэлии сүөһү олохтоох килиимэккэ үөрэнии өттүгэр араас ситиһиилээхтэрин туһунан кэпсээтэ. Холобур, бэрт тыйыс сиргэ ууһуурунан биллэр як оҕус Саха сиригэр ууһуура соччото суоҕа көстүбүт. Оттон утары холобур, “кумах куйаар хараабыла”, тэбиэн кыыл бэрт үчүгэйдик олохсуйбут, түүтэ хойдубут, кыла сонообут.

Дания бизоннара?

Андрей Мельни­ченко Пуондата номнуо бырайыагы үбүлээн эрэр эбит. Быйыл саас Андрей Мельниченко Пуондата көмөтүнэн Данияттан 24 бизон атыылаһыллыбыт. Бу американскай истиэп бизоннарын Данияҕа эккэ анаан иитэллэр эбит. Ити бэрт улахан суолталаах түгэн – “тыа хаһаайыстыбата суолталаах” кыылы Кыһыл кинигэҕэ киирэр кыылы ылардааҕар ордук дөбөҥ, бэрт элбэх кыраныыссаҕа докумуоннаһыы, хонтуруоллааһын кыһалҕатын көтүрэр. Бу атыылаһыллыбыт бизоннартан 12 төбө Ямал овцебыктарын кытта атастаһыыга барбыт. Ямалга 14 көҥүл мэччийэ сылдьар овцебык тэмийэхтэрин утутар буулдьанан “бултаан” ылбыттар. Ити курдук, сайын устата сыралаах үлэ түмүгэр пааркаҕа саҥа иитиэхтэр бу соторутааҕыта тиксэриллибиттэр. Бу бизоннары үһүстээн аҕалыы, урут 2012 сылга уонна 2021 сылга аҕалбыттар. Бастакы кэлбит бизоннар Саха сиригэр төрүөх биэрбиттэр. Онон паарка сиригэр билигин балай да элбэх бизон баар.

Үлэ өссө даҕаны элбэх

Билигин паарка киһи көмөтө суох сайдар кыахтаах дуо?” диэн ыйытыыга Никита Зимов: “Суох, билигин даҕаны эко-систиэмэ ситэ таҥылла илик”, – диэн хоруйдаата. “Сэлии истиэбин” майгыннатар эко-сис­тиэмэ бэйэтинэн сайдарыгар өссө элбэх үлэ ыытыллыахтаах, холобур, паарка иһигэр хайаан даҕаны адьырҕа кыыл баар буолуохтаах. Уопсайынан, “киритии­чэскэй маасса” ситиһиллэ илик эбит. Ону кытта күрүөлээһин ситэ оҥоһулла илик – билигин паарка сирин-уотун 20 килэмиэтирэ күрүөлэнэн турар эбит. Андрей Мельниченко Пуондатын кытта эргиччи күрүөлээһини түмүктүүр былаан оҥоһуллубут.

Эспэримиэн салҕанан бара турар

Сэлии истиэбэ хаһан эрэ Испанияттан Канадаҕа диэри, Арктика арыыларыттан Кытайга тиийэ тэнийбит планета саамай улахан эко-­­систиэмэтэ этэ. Билигин дьоҕус сиргэ былыргы эко-сис­тиэмэ бэйэтэ сайдар сирин оҥоруу эспэримиэнэ маҥнайгы хардыыларын оҥорбут диэххэ сөп. “Көстөр уларыйыы баара харахха быраҕыллар”, – диэн этэр, Плейстоцен пааркатын дириэктэрэ. “Ыалдьыттыы кэлэр суруналыыстары, ­учуонайдары пааркаҕа тэйиччи сиртэн сирдээн илдьээччибин. Бастаан олохтоох айылҕа устун хааман иһэн, паарка сиригэр үктэннэххэ, айылҕата олоччу уларыйар. Хойуу оттоох, мэччирэҥ ходуһалар тэҥнээн көрдөххө, олох туспа сир буолара көстөр”, – диэн кэпсиир Никита Зимов.

Бу эспэримиэн быйыл Дубай куоракка ыытыллар ХНТ сыл аайы ыытыллар СОР28 глобальнай килии­мэккэ анаммыт 28-с кэмпириэнсийэтигэр учуонайдар иннилэригэр презентацияланыаҕа. Арассыыйаҕа саҕаламмыт эспэримиэн аан дойдуну глобальнай сылыйыыттан көмүскүүр кыахтааҕын аан дойду чинчийээччилэрэ илэ истиэхтэрэ, көрүөхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: