Покровскайга – 46 кыбартыыралаах дьиэ

Share

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Анал этиитигэр федеральнай бырагыраама көмөтүнэн эрэгийиэннэр саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүнү тэтимирдибиттэрин бэлиэтээбитэ.

“Уопсайынан ыллахха, кэнники 16 сыл устата саҥа кыбартыыраларга биир мөлүйүөн 730 тыһыынча киһи көһөрүлүннэ. Онон бу кэлэр алта сылга бу тэтими ыһыктыа суохтаахпыт. Бырабыыталыстыба саахалланар дьиэттэн-уоттан дьону көһөрүү саҥа бырагырааматын үлэлэтэригэр сорудахтыыбын”, — диэбитэ Бэрэсидьиэн ити этиитигэр.

Хаартыска: «Хаҥалас» хаһыата

Оттон бүгүн ити Анал этии дуораана сүтэ илигинэ, Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар Бырааттыы Ксенофонтовтар уулуссаларыгар 46 кыбартыыралаах олорор дьиэни үлэҕэ киллэрдилэр. Саҥа дьиэни үлэҕэ киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев быһа сибээһинэн кытынна уонна олохтоохторго баҕа санаатын тириэртэ.

Бу биэс этээстээх дьиэ уопсай иэнэ 3,5 тыһ.кв. м. Дьиэ уопсайа 46 кыбартыыралаах: 13 биир хостоох, 15 иккилии хостоох, 17 үстүү хостоох уонна 1 түөрт хостоох кыбартыыралардаах. Туһааннаах эбийиэги “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” диэн дьон билэр буолбут национальнай бырагыраама аадырыстаах бырагырааматынан үлэҕэ киллэрдилэр.

2025 сылга диэри Саха сиригэр 61 тыһыынча киһини көһөрүөхтэрэ, онон 1,1 мөл. квадратнай миэтэрэттэн тахса иэннээх саахалланар дьиэ көтүрүллүөҕэ. Бу, кырдьык, Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортотугар үчүгэй көрдөрүүлэртэн биирдэстэринэн буолар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…

12 минут ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

1 час ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

2 часа ago