Покровскайга уулуссаҕа саалаах дьахтары көрбүттэр

Share

Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар баар «Сибойл» сапыраапкатын таһыгар саалаах дьахтар сылдьарын туһунан ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар иһитиннэрбиттэр.

ДПС инспектордара бу 42 саастаах дьахтар буоларын быһаарбыттар.

Барыллаан быһаарбыттарынан, дьахтар Дьокуускайтан Покровскайга 55 саастаах билэр эр киһитигэр кэлбит. Аһыы утаҕы иһэ олорон бу дьон этиспиттэр. Онтон дьахтар эр киһи саатын ылан баран дьиэттэн тахсыбыт.

Билигин бу дьону иккиэннэрин полиция отделыгар аҕаллылар. Быһылаан тула бэрэбиэркэ ыытыллар диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
3
+1
21
+1
6
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago