Полиция урукку үлэһитэ таксыыһы кытта кыыһырсан баран сымыйанан үҥсүбүт
Былырыын кыһын Дьокуускайга эр киһи таксыы ыҥырбыт. Айаннаан иһэн эр киһи таксыыһы кытта кыыһырсыбыт. Кинини кэһэтэр туһуттан эр киһи сымыйа үҥсүүнү түһэрбит.
Ол курдук, кинини ыар буруйга уорбалаабыт. Сотору кэминэн таксыыһы уорбаланааччы эр киһи кабинетыгар аҕалбыттар. Онно эр киһи таксыыһы кырбаабыт уонна 30 тыһыынча солкуобайы биэрэригэр модьуйбут. Эмсэҕэлээччи бастаан биэс тыһыынча солкуобайы, онтон аҕыйах хонон баран 11 тыһыынча солкуобайы биэрбит.
Ол түмүгэр полиция үлэһитин СӨ ФСБ үлэһиттэрэ туппуттар. Онон полиция подполковнига Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 286 ыст. 3 ч. «а», «е» пууннарынан дуоһунаһын боломуочуйатын туһаныыы диэнинэн буруйдааҕынан билиниллибит.
Суут буруйданааччыны 3,5 сылга көҥүлүн быһарга бириигэбэрдээбит. Ону таһынан үс сыл устата быраабы араҥаччылыыр уорганнарга үлэлиир быраабын быспыттар. Ону таһынан «полиция подполковнига» аатыттан босхолообуттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: