УОЛАТТАР ТӨТТӨРҮ КЭЛЛИННЭР
Алаастан аттаммыт алааска,
Куоракка төрөөбүт куоракка
Уолаттар эргиллэн кэллиннэр!
Ийэни, кэргэни куустуннар!
Бастакы хомуурга барбыттар
Бастакы хотойдор буолаллар!
Чааһынан санаата күүһүрбүт,
Дойдуну көмүскүү туруммут!
Күннэрин-түүннэрин тэҥинэн
Эргиппит элбээтэ олоххо:
Утуйбат, ороҥҥо эргийэр
Эбээлэр, эһээлэр, дьиэ кэргэн.
Эйэлээх олоххо түүн кылгас —
Билигин бүппэтэ уһунуон!
Кыракый сааһыгар уол мэник —
Улаатан суон дурда дойдуга.
Уол оҕо, эр киһи сыанатын
Кыл түгэн өйдөттө олохпут.
Уол оҕо, эр киһи ХОТОЙБУТ
Кыайыылаах-хотуулаах төнүннүн!
Төнүннүн төрөөбүт сиригэр!
Олоҕун толору олордун!
Таҥара анаабыт олоҕун
Хайдахтаах да сэрии быспатын!
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038