Психолог сүбэтэ: Сөпкө этиһэргэ үөрэн
Икки киһи син биир хаһан эрэ өйдөспөккө, мөккүһэн, этиһэн туруохтара. Тоҕо диэтэр, хас биирдии киһи бэйэтэ туспа көрүүлээх, олохсуйбут өйдөөх-санаалаах. Оттон кэргэнниилэргэ эмиэ өйдөспөт түгэннэр үөскүүллэр. Этиһииттэн сылтаан, арахсар туһунан саныахтарын сөп. Оттон сөпкө этиһэр буоллахха, ханнык баҕарар кыһалҕаны быһаарыахха сөп эбит.
Мөккүөргэ маннык сыыһалар бааллар:
- быһаарсыыттан куотуу (маннык түгэҥҥэ мөккүөр быһаарыллыбат, хойукку кэмҥэ көһөрүллэр);
- баһылыыр балаһыанньа (биирдэстэрэ кэргэнин интэриэһин, санаатын аахсыбат, хам баттыыр буоллаҕына, атааннаһыы өссө күүһүрэр);
- бас бэринии (манна эмиэ биир киһи интэриэһэ баттаммыт буолан, сыһыан сайдыбат).
Этиһии быраабылалара
Киһи дьоһунун түһэримэ, үөҕүмэ. Аҥаардас кириитикэлиир эрэ буоллахха, икки өттүттэн этиһии дириҥиир, кыһалҕа быһаарыллыбат.
Холку буола сатаа – олус кыыһырбыт киһи тугу баҕарар саҥаран кэбиһиэн сөп, ону кэлин кэмсинэр. Ол иһин уоскуйарга бириэмэ баар буолуохтаах. Атын дьоҥҥо кыыһыран кэлэн баран, кэргэҥҥинэн таһаарыма. Саҥа рсыыны оҕолор истиэ суохтаахтар.
Бэйэ-бэйэҕитин истиҥ – холобур, хас биирдии киһи 2-лии мүнүүтэ саҥарар, биирэ истэр. Кэргэниҥ көрбүөччү буолбатах, эн искэр тугу баҕараргын кини билбэт, таайбат, онон ол туһунан аһаҕастык кэпсэтэргэ үөрэн.
Кэргэҥҥин буруйдаабакка, бэйэҥ иэйиигин, санааҕын тиэрдэ сатаа – “мин наһаа хомойдум, кыыһырдым, миэхэ ити улахан суолталаах…” Холобур, эр киһи таҥаһын хомуйбат, дьиэ үлэтигэр көмөлөспөт. Кэргэнэ: “Хаһааҥҥа диэри эн кирдээх наскыгын хомуйабын? Мин эйиэхэ хамначчыт үһүбүн дуо?! Туох да эппиэтинэһэ суох киһигин!” диэн буруйдуурун оннугар этэр: “Бүппэт түбүктэн, дьиэ үлэтиттэн мин олус сылайабын. Мин үлэбин сыаналаабаккыттан хомойобун. Ааспыкка эппит эрэннэриигин толороргор баҕарабын. Миэхэ көмөлөһөрүҥ буоллар, наһаа үөрүөх этим”.
Эппиэтинэһи ылына үөрэн – мөккүөргэ биир эрэ киһи буруйдаах буолбат. Атын киһини буруйдааһын – эппиэтинэһи устунуу буолар. Иккиэн быһаарыы буларга үөрэниҥ.
Кыһалҕаттан куотума, дириҥэтимэ – балаһыанньа уустугуран эрэ иһиэҕэ. Сылааһына кэпсэппит ордук. Бэйэҥ кырдьыккын эрэ турууласпакка, кэргэниҥ хараҕынан эмиэ көрөн, биир тылы буларга кыһаллыҥ.
Таптыыр буоллаххына, киниэхэ үчүгэй буолуон баҕараҕын. Таптал, үчүгэй сыһыан туһугар күннэтэ үлэлиэххэ наада – болҕомто уурарга, киһини өйдүүргэ, бэйэҕин тупсарарга, кыраныыссаҕын туруулаһарга, уларыйарга, сыыспыты билинэргэ, сороҕор бэйэҥ баҕарбаккын да оҥорорго…
Психолог сүбэтэ
“Эр-ойох оруолуттан тахсымаҥ”
Светлана Лонкунова, килиниичэскэй психолог:
— Эр-ойох икки ардыгар кыыһырсар, өйдөспөт буолуу араас төрүөттээх буолар. Хас биирдии киһи ыал буоларыгар, бэйэтин өйүгэр-санаатыгар оҥорон көрөн: “Мин кэргэним маннык буолуохтаах, маннык гыныахтаах” диэн эрэнэ, кэтэһэ саныыр. Онтон кэргэн тахсан баран, дьиҥнээх хартыына ол кэтэһиитигэр сөп түбэспэт буоллаҕына, кэргэнин майгытын, быһыытын уларыта сатыыр. Улахан киһини хайдах уларытыай? Оччоҕо өйдөспөт түгэннэр үөскүүллэр.
Холобур, аҕата суох улааппыт, эбэтэр, аҕа-ийэ тапталын үчүгэйдик билбэтэх кыыс тапталга ордук наадыйар. Ол иһин кинини аҕа курдук көрөр-харайар, атаахтатар киһини булан, кэргэн тахсар. Ыал буолан олорон, кэмниэ-кэнэҕэс биирдэ өйдөммүттэрэ, ити “оҕо-төрөппүт сыһыанынан” олороллоро сатаммат эбит, оннук өр буолбат. Онон эмиэ өйдөспөккө, этиһэн, кыыһырсан бараллар.
“Оҕо-төрөппүт сыһыана” диэн – кэргэннилэртэн хайалара эрэ ийэ, аҕа оруолун толорор. Оннук сыһыаҥҥа булгуччу өйдөспөт түгэннэр үөскүүллэр. Тоҕо диэтэр, кинилэр эр-ойох оруолун толорботтор.
Өссө биир сүрүн төрүөт – киһи хайдах туруктаах сылдьан ыал буолбута. Ол аата дьахтар ойох оруолун толорорун оннугар, кэргэнин оҕо курдук иитэ, уларыта сатыыр, көрөр-харайар, хонтуруоллуур. Эбэтэр, эр киһи аҕа оруолун толорор буоллаҕына, ойоҕун кыра кыыс курдук көрөр, атаахтатар, хонтуруоллуур, иитэр. Бу маннык сыһыаннаах буоллахтарына, кинилэр эр-ойох буолбакка, “оҕо-төрөппүт сыһыаныгар” киирэллэр.
Онтон ийэлэриттэн-аҕаларыттан толору, истиҥ тапталы билэн улааппыт, бэйэлэрин хайдах баалларынан ылынар, таптыыр буоллахтарына, эр-ойох сыһыаннара атын буолар. Бэйэтигэр итэҕэс буоллаҕына, ыла сатыыр эрэ дьүккүөннээх буолбакка, бэйэтигэр таптала, эрэлэ толору буолан, биэрэр таһымҥа сылдьар, улааппыт киһи кэргэн тахсан баран, “оҕо-төрөппүт сыһыаныгар” киирбэт.
Кэргэнниилэр сыһыаннарыгар кириисистээх түһүмэхтэр баар буолаллар: 1, 3, 7, 10… сылга. Ол кэмҥэ эмиэ өйдөспөт түгэннэр баар буолуохтарын сөп.
Өскөтүн эр киһи уонна дьахтар толору турукка сылдьан ыал буолбут, эбэтэр наһаа күүскэ таптаһар, ытыктаһар, сыаналыыр буоллахтарына, ити кириисистэри чэпчэкитик, билбэккэ да аһараллар. Дьиэ кэргэҥҥэ сайдыы баран иһиэхтээх: оҕо төрүүр, иккис оҕо төрүүр, кинилэр уһуйааҥҥа, оскуолаҕа бараллар… Эр-ойох паара быһыытынан бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара төһөнөн үчүгэй, сылаас да, ити түһүмэхтэри кыһаллыбакка аһардаллар.
Онтон бэйэлэриттэн, олохторуттан астыммат, элбэх “претензиялаах” буоллахтарына, оннук туруктаах сылдьан, кэргэннэригэр тапталы кыайан биэрбэттэр. Онтон өйдөспөккө, эмиэ этиһии тахсар.
Оннук кыһалҕалаах кэлбит дьоҥҥо мин аан бастаан бэйэлэрин туруктарыгар үлэлэһэбин, тоҕо диэтэр, бастаан кини кыһалҕаларын төрүөтэ улааппыт дьиэ кэргэнигэр, ийэтин-аҕатын кытта сыһыаныгар баар буолар. Онтон бэйэтин бэйэтэ ылынарын, таптыырын ситиһэбит, ол эрэ кэннэ кэргэнин кытта сыһыаныгар үлэлэһэбит.
Кэргэн диэн – эн “сиэркилэҥ”. Эн бэйэҕэр хайдах сыһыаннаҕын да, эйиэхэ эмиэ оннук сыһыаннаһар.
“Кэргэҥҥэр утары хардыыны оҥор”
— Өйдөспөт, кыыһырсар түгэҥҥэ, бастатан туран, аһаҕастык кэпсэтиэхтэрин наада. Ким эрэ куттаан, саҥарбакка сылдьара, бүөлэнэн хаалара табыллыбат. Тутатына быһаарсан иһэр ордук.
“Ылсыы-бэрсии” диэн “баланс” баар буолар. Кэргэнниилэр чугасыһалларыгар биирэ утары хардыыны – туох эрэ үчүгэйи оҥорор, ону иккиһэ үөрэ-көтө ылынар уонна эмиэ хардары хардыыны оҥорор. Оннук гынан, чугасыһан иһэллэр. Холобур, саҥа билсэ сылдьар паараларга: биирэ киинэҕэ ыҥырар, кыыһа үөрэ-көтө барсар, онтон уолга анаан минньигэс аһы астыыр, о.д.а. Итинник гынан, бэйэ-бэйэлэригэр чугасыһар хардыылары оҥороллоро элбээн иһиэхтээх. Биирэ наар ылар эрэ буоллаҕына, бу “баланс” кэһиллэр, онон ылбыт буоллаҕына, тугу эрэ биэриэхтээх.
Оттон этиспит түгэннэригэр тэйсиигэ хардыылара кыччаан иһиэхтээх. Улаханнык кыыһырбыт киһиэхэ кэргэнин хардата арыый кыра буолуохтаах.
Бэйэлэрэ кыайан быһаарсыбакка, дириҥэтэн, арахсыыга тиийээри гыммыт буоллахтарына, дьиэ кэргэн кыһалҕаларынан дьарыктанар психологка баран, үлэлэһэллэрэ ордук.
Хаартыска: dreamstime.ru
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: