Психологтар пуорумнара

Share

Психологтар III пуорумнарыгар анал байыаннай эпэрээссийэ (СВО) кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлү, көмөнү хайдах оҥорор туһунан кэпсэттилр. 

Чөлгө түһэрии, медико-психологическай көмөнү оҥоруу туһунан боппуруостар туруорулуннулар Көрсөн уонна ыраахтан олорон кэпсэтии киэбинэн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ 250 киһи кытынна.
Быстах байыаннай хомуур саҕаланыаҕыттан ыҥырыллыбыттары уонна кинилэр чугас дьоннорун кытары үлэлэһэр улуустар психологтара үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
Байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрин бэрэстэбиитэлэ Ньургуйаана Хоютанова санаатын үллэһиннэ, байыаннай сулууспалаахтарга уйулҕа өттүнэн көмө оҥоһуллара наадатын бэлиэтээтэ. Пуорум кыттыылаахтара демобилизацияламмыттарга чөлгө түһэрэргэ бэрэбиэркэни ааспыт кэлимсэ бырагыраама наадатын эттилэр. Ону таһынан, чэбдигирдии үлэтин тиһигэр тохтоотулар. Өссө биир тиэмэнэн, улуустарга психологическай көмөнү оҥорууну сайыннарыы туһунан кэпсэтии буолла. Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хардарыта сибээстээх үлэ түмүгүн СӨ психологическай киинин Намнааҕы филиалын холобуругар көрдүлэр.
Пуорум иккис күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина модератордаах пленарнай мунньах ыытыллар.

Санатан эттэххэ, 2021 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ «Доруобуйа» уонна «Демография» национальнай бырайыактар иилэринэн, нэһилиэнньэ психологическай доруобуйатын харыстабылын бырагыраамата үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

15 часов ago