Путин быстах байыаннай хомуурга сылдьааччылары өйүүр саҥа ыйааҕы таһаарда
Бэрэсидьиэн Владимир Путин анал байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарыгар, Арассыыйа гвардиятын уонна полиция үлэһиттэригэр эбии социальнай көмө туһунан ыйаахха илии баттаата диэн РИА интернет-порталыгар бэчээттэннэ.
Ол курдук, Украинаҕа анал байыаннай дьайыыларга сылдьан өлбүт байыастар дьиэ кэргэттэригэр биэс мөлүйүөн солкуобайы төлүөхтэрэ. Итини сэргэ бу дьаһал туруоруллубут соруктары толоро сылдьан эчэйиини ылан эбэтэр ыалдьан байыаннай дьайыыттан босхолонон баран, сыл иһигэр өлбүт дьоҥҥо эмиэ туһаныллыа. Онтон бааһырбыт, эчэйбит эбэтэр контузияны ылбыт киһиэхэ үс мөлүйүөн солкуобай көрүллэр буолуо.
Ыйаахха чопчуламмытынан, үөһэ ыйыллыбыт төлөбүр атын социальнай босуобуйалартан уонна өйөбүллэртэн тутулуга суох оҥоһуллуо.
Итини таһынан, анал байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр судаарыстыбаннай кыраныыссаны харабыллыырга көмөлөһө сылдьар байыаннай сулууспалаахтар, Росгвардия уонна полиция үлэһиттэрэ биэнсийэҕэ тахсалларыгар биир күн сулууспалара икки күнүнэн ааҕыллыа, онтон бааһырыыны, эчэйиини ылан эмтэммит кэмнэрэ «биир ый сулууспа –икки ый» формуланан ааҕыллыа.
Ыйаах баттаммыт күнүттэн күүһүгэр киириэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: