Владимир Путин сэтинньи 15 күнүнээҕи ыйааҕынан Дьокуускайга «Килбиэннээх үлэ куората» үрдүк ааты иҥэрдэ.
Ил Дархан Айсен Николаев телеграмм-каналыгар ити үтүө сонуну үллэһиннэ. «Саха сиригэр икки куорат — Дьокуускай уонна Алдан — ити үрдүк ааты сүгэринэн киэн туттабыт», — диэтэ кини. Алдаҥҥа былырыын балаҕан ыйыгар РФ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан итинник ааты иҥэрбиттэрэ.
Видеосибээс нөҥүө Ново-Огаревоҕа Владимир Путин ыыппыт «Победа» тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар үрдүк ааты иҥэрэр туһунан кэпсэттилэр. Арассыыйа наукаларын академията иһитиннэрбитинэн, быйыл 11 сайаапка киирбит.
РНА бэрэсидьиэнэ Геннадий Красников: «Тэрилтэлэрэ Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыт Дьокуускай ураты миэстэни ылар. Дьокуускай оборуона бырамыысалыннаһын базата буолбута. Сэрии кэмигэр манна 40 тонна кыһыл көмүс, дойду сүлүүдэтин аҥаарыттан ордуга хостоммута. Бу кыһыллыҥы өҥнөөх сүлүүдэ электроприбордар изоляциятыгар туһаммыттара», — диэтэ.
Дьокуускайы сэргэ үрдүк ааты Астрахаҥҥа, Вологдаҕа, Горловкаҕа, Златоустка, Каспийскайга, Луганскайга, Норильскайга, Орскайга иҥэрдилэр.
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…
Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…
Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.
Кыһыҥҥы күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий? Ый туруору буоллаҕына, хайдах күн-дьыл үүнэр дииллэрий? Саҥа үүнэр ый…
Сэбиэскэй сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ытыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир призеругар, байыаннай дьайыыга сылдьар…
«Оһуохайдаан ойуохха – эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» диэн оҕо күрэһин түмүгүн таһаардылар. Күрэс 2 түһүмэҕэр 15 улуустан,…