“Пятерочка” аттынааҕы ыаллары абырыаҕа
Дьокуускайга “Пятерочка” маҕаһыын ситимэ арыллан, бу күннэргэ атыылаһыы элбээтэ.
Холобура, Дежнев уулусса 30 №-дээх дьиэтигэр аһыллыбыт маҕаһыыҥҥа дьон кэлиитэ тохтообот. Билигин да уочарат халыҥ, кураанах долбуур элбээбит. Бородуукта бүттэ даҕаны, долбуурдарын толорон испэттэр эбит. Хата, түргэнник төлүүргэ табыгастаах экспресс-каассаны сэҥээрбиттэр.
Аппа уҥуор “Пятерочка” аһыллыбыта бу эргин олорооччуларга табыгастаах буолсу. Тоҕо диэтэххэ, чугаһынан оройуоҥҥа үчүгэй бородуукта атыылыыр маҕаһыын суоҕун кэриэтэ. Барыта массыына арыытын, саппаас чааһын атыылыыр маҕаһыыннар бааллар. Кыһалҕаттан үгүстэр кууһунан атыылыыр Чернышевскай уулусса 66 уона 80 нүөмэрдэриттэн тиийэн атыылаһааччылар.
Ол эрээри маҕаһыын тиэргэнигэр элбэх массыына тоҕуоруйара аттынааҕы дьиэ олохтоохторугар соччото суох курдук. “Шлагбаум туруораллара буоллар”, — дэһэллэр сорохтор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: