Быйыл 70 сааһын бэлиэтиир Радомир Иванович эмчит буоларга өссө оскуола сылларыгар быһаарыммыта. Кини Үөһээ Бүлүү оройуонугар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Бу дьиэ кэргэҥҥэ кинини сэргэ өссө алта уол уонна икки кыыс бааллара. Аҕалара Иван Егорович Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа этэ, олоҕун тухары холкуоска үлэлээбитэ. Иэримэ дьиэлэрин иччилээччи ийэлэрэ Харитина Ивановна оҕолорун, дьиэтин-уотун, хаһаайыстыбатын көрөрө.
– Биһиги ийэбит сотору-сотору ыалдьара. Оттон биһиги, оҕолор, киниэхэ хайдах да көмөлөһөр кыахпыт суоҕа. Тоҕус оҕо, тыа сирин ыарахан үлэтэ – бу барыта, биллэн турар, кини доруобуйатын айгыраппыта. Аҕабыт олоҕун кэнники сылларыгар эмиэ ыараханнык ыалдьыбыта. Дьэ, мин онуоха эмчит буоларга быһаарыммытым, – диэн Радомир Александров кэпсиир.
1972 сыллаахха эдэр киһи Томскайдааҕы мэдиссиинэ институтугар педиатрия факультетыгар туттарсаары барбыта. Оччолорго мэдиссиинэ институттарыгар, үгэс курдук, улахан куонкурустааҕа. Ол да буоллар, ыраах Саха сириттэн сылдьар уол дойду кырдьаҕас мэдиссиинискэй институттарыттан биирдэстэригэр, 1898 сыллаахха саха норуотун бастакы бырааһа, аатырбыт Прокопий Нестерович Сокольников үөрэнэн бүтэрбит институтугар киирбитэ.
1978 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн баран, эдэр быраас Амма уонна Орджоникидзевскай оройуоннарыгар үлэлээбитэ. Ол кэмнэргэ чуолаан педиатрдар олох тиийбэт этилэр, Радомир Александров Амма улууһугар соҕотох педиатр этэ.
– Тииҥ көлүөһэҕэ эргийэрин курдук үлэлээбиппин өйдүүбүн. Сарсыардаттан Оҕо төрүүр дьиэтигэр ыксыырым, онтон оҕо отделениетыгар барарым, эбиэт кэнниттэн поликлиникаҕа кырачааннар доруобуйаларын көрөрүм, онтон ыҥырыыларга, патронажка барарым. Элбэхтик үлэ кэнниттэн түүн ыҥырыыларга тиийэрим. Чуолаан оройуон ыраах сытар учаастактарыттан суһал ыҥырыылар киирэллэрэ, онно 2-3 чаас айаннаан тиийэн, тута миэстэтигэр мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорбут. Орджоникидзевскай оройуонугар эмиэ итинник үлэлиирбит. Ол гынан баран, онно өрүс хаайар кэмигэр суһал ыҥырыыларга бөртөлүөтүнэн көтөрүм. Оҕолору быыһыахха наада этэ буоллаҕа.
1982 сыллаахха Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Радомир Ивановиһы Ленинградка килиниичэскэй ординатураҕа ыыппыта. Манна Радомир Александров бэрэпиэссэр, академик Н.П. Шабалов салайыытынан неонатологияҕа – саҥа төрөөбүт оҕолорго мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго анаан үөрэммитэ. Ординатураны бүтэрэн баран саҥа төрөөбүт кырачааннары көрөр-истэр неонатолог-быраас буолбута.
1984 сыллаахха ординатураны бүтэрбит эдэр неонатологы Дьокуускайга саҥардыы аһыллыбыт биэс этээстээх Оҕо төрүүр дьиэтигэр кырачааннар отделениеларын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Ол кэмнэргэ кырачаан оҕо өлүүтэ 19 промиллеҕа тэҥнэһэрэ, бу олус улахан көрдөрүү этэ. Ол иһин, сүрүн үлэ, болҕомто барыта кырачааннар өлүүлэрин аҕыйатыыга ууруллубута.
Радомир Александров дьахтар төрүүр кэмигэр, ордук оҕону быһа ылар эпэрээссийэҕэ, неонатологтар (урут микропедиатрдар диэн ааттаналлара) сүүс бырыһыан кытталларын ситиспитэ. Онон микропедиатрдар кырачааннары реанимацияҕа көрөр буолуохтарыттан ыла кырачааннар өлүүлэрэ аччаан барбыта.
Ону таһынан отделение саҥа сэбиэдиссэйэ неонатологтар суукканы быһа дьуһуурустубалааһыннарын киллэрбитэ, кырачааннары көрөргө-истэргэ реанимация тэрилин атыылаһары ситиспитэ – Венгрия хас даҕаны инкубаторын атыыласпыттара. Онон, Оҕо төрүүр дьиэтигэр кыра ыйааһыннаах үс игирэлэри эмиэ бүөбэйдиир буолбуттара. Бу түмүгэр биэс-алта сыл иһигэр кырачааннар өлүүлэрин 4 төгүл аҕыйатар кыах баар буолбута.
Аныгы перинатальнай технологиялар киллэриллэннэр, куойка пуондатын көрдөрүүлэрэ тупсубута, кырачааннары эмтээһин уонна көрүү-истии хаачыстыбата тупсубута. Бу, бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ неонатальнай сулууспатын көхтөөх үлэтин түмүгэ этэ.
1990 сыллаахха Р.И. Александров доруобуйа харыстабылын миниистирин ийэ уонна оҕо аймах харыстабылын боппуруостарыгар солбуйааччынан анаммыта. Ити кэмҥэ Килиниикэ-диагностика киинин тутуу кэнниттэн Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Ийэ уонна оҕо аймах харыстабылын дьиэтин тутуу тиэхиньиичэскэй сорудаҕын бэлэмнииргэ министиэристибэҕэ сорудахтаабыта. Киин биэс сылга тутуллар кэмигэр Радомир Иванович тутуу былаһааккатыттан тахсыбакка, Швейцария «Мабетекс» фирмата ыытар тутуутун бары түһүмэхтэрин тус бэйэтинэн сүрүннээбитэ. Бу кииҥҥэ Саха сирин педиатрияҕа сулууспатын бары подразделениета олохсуйуохтааҕа.
– Өссө тутуу ыытыллар кэмигэр биһиги Ийэ уонна оҕо аймах киинигэр поликлиника сулууспатын бэлэмнээһиҥҥэ үлэлээн барбыппыт. Ол иһин, «узкай» исписэлиистэри бэлэмнииргэ Оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи поликлиникатын сулууспатын тэрийэр туһунан бирикээс таһаарбыппыт. Сулууспаны Александра Дмитриевна Кычкина салайбыта. Ол курдук, исписэлиистэри эрдэттэн бэлэмнээн, Киин аһылларыгар поликлиника сулууспата хайыы үйэ толору бэлэм буолбута, – диэн Радомир Александров кэпсиир.
Ону таһынан Кииҥҥэ омук аныгы тэриллэрин атыыласпыттара.
Киин тутуутугар «бастакы» диэн тылы элбэхтик этиэххэ сөп. Ол курдук, Перинатальнай киин неонатальнай блогар кэмин иннинэ төрөөбүт итэҕэс кырачааннары бүөбэйдээн үтүөрдэр отделение олохтоохтук аһыллыбыта. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар кырачааннар сыстыганнаах ыарыыларын отделениета уонна реанимация отделениета бастакынан аһыллыбыттара. Ол түмүгэр кырачааннар ортолоругар сыстыганнаах ыарыы өрө турара суох буолбута. Киини тутууга вентиляция систиэмэлэрэ, икки үктэллээх гаас оһоҕо аан бастаан көрүллүбүттэрэ. Онон, мэдиссиинискэй тобохтору уонна биологическай матырыйааллары көдьүүскэ таһаарыы кыһалҕата быһаарыллыбыта, кырачааннар сымнаҕас инвентардарын сууйуу уонна стерилизациялааһын туспа линията баар буолбута.
Манна даҕатан эттэххэ, Радомир Иванович Перинатальнай киин дириэктэрин неонатологияҕа солбуйааччынан үлэлии сылдьан, 20 сыл устата санитарнай авиациянан ыҥырыыларга бэйэтэ көтөрө – араас улуустарга 1,5 тыһыынча төгүл көтүһэн, орто дойдуга саҥа кэлбит кырачааннары быыһыыра, эмтиирэ, тыыннаах хаалалларын ситиһэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар биир идэлээхтэрин кытары ыкса ситимнээх үлэ олохтоммута. Перинатальнай киин неонатолог-быраастара уонна реаниматологтара улуустааҕы балыыһалар быраастарыгар төлөпүөнүнэн уонна теле-мэдиссиинэ көмөтүнэн суукканы быһа сүбэлиир-амалыыр быраактыканы киллэрбиттэрэ.
* * *
Радомир Иванович Александров билигин 2017 сыллаахха Перинатальнай кииҥҥэ аһыллыбыт катамнез отделениетын салайар.
– Биһиги отделениебыт кэмин иннинэ төрөөбүт уонна өр кэмҥэ реанимация отделениетыгар бүөбэйдэнэр кырачааннарга ананар. Маннык оҕолор тахсан да баран ураты көрүүгэ-истиигэ наадыйаллар. Итинник кырачааннары 3 сыл устата биһиги кэтээн көрөбүт.
Уопсайынан, мин идэбин сөпкө талан неонатолог-бырааһынан үлэлиирбинэн дьоллоохпун. Неонатологияҕа туох баар билиибин, күүспүн-уохпун саҥа төрөөбүт кырачааннарга биэрдим. Мин биир идэлээхтэрбэр, биир санаалаахтарбар олус махтанабын уонна үчүгэй исписэлиистэри кытары үлэлии сылдьарбыттан олус үөрэбин. Кинилэрэ суох мин тугу да ситиһиэм суох этэ. Акушер-гинекология сулууспатын инники кыахтара ХХ үйэ саҥатыгар ким да санаан да көрбөтөҕүн курдук таһымҥа тиийиэҕэ. Мин быраас быһыытынан баҕа санаам – кэмин иннинэ төрүүр иринньэх оҕолор суох буоллуннар, кырачааннар бары чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах күн сирин көрдүннэр», – диэн баҕа санаалаах өрөспүүбүлүкэ кырачааннарын «аҕалаатар аҕалара» Радомир Иванович Александров.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…