Репортаж: Маннык үчүгэй дьиэҕэ кырдьаҕастар сынньалаҥнык олоруохтара

Репортаж: Маннык үчүгэй дьиэҕэ кырдьаҕастар сынньалаҥнык олоруохтара

05.12.2023, 18:30
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Нам улууһун олохтоохторугар үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Намнааҕы кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ ханна да суох үчүгэй тутуулаах, сабыс-саҥа дьиэҕэ көһөн киирдэ. Бу 65 миэстэлээх эбийиэк бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит “Демография” национальнай бырайыак “Аҕам саастаах көлүөнэ” бырайыагынан тутуллан, үлэҕэ киирдэ.

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Бу уораҕайга киирээт да, олус хаачыстыбалаахтык тутуллубутун сэргэ, эрдэттэн былааннаммыта, анаан киэргэтиллибитэ харахха быраҕыллар. Анал дизайнер үлэлээн, киэҥ-куоҥ остолобуой, буфет, аактабай саала, бибилэтиэкэ, сынньанар холлар, о.д.а. олус тупсаҕай көрүҥнээхтэр, биир истииллээх миэбэллэринэн, анал тэриллэринэн хааччыллыбыттар. Ис бараана аныгылыы “сканди” истиилинэн оҥоһуллубут, олорор дьиэҕэ сылдьар курдук нус-хас, тупсаҕай. Бу маннык үчүгэй көстүүлээх кырдьаҕастар дьиэлэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ өссө ханна да суох диэн бэлиэтээн этиэххэ сөп.

Манна иистэнэр уонна уһанар мастарыскыайдар, уруһуйдуур, ыллыыр, сынньанар хостор, көмпүүтэр кылааһа, эмтиир физкультууранан дьарыктанар саалалар, физиотерапия, эмтиир, доруобуйаны чөлгө түһэрэр кэбиниэттэр, о.д.а. барыта баар.

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Кырдьаҕастар хосторго иккилии буолан олороллор. Хостор гостиница киэҥ-куоҥ нүөмэрин санаталлар, тэлэбиисэр, түүҥҥү лаампа, туалет, душ баар. Ороннор, ыскаап, остуол, туумбалар, кириэһилэлэр – муус-маҥаннар, биир истииллээхтэр. Сабыс-саҥа матараастар, утуйар таҥастар хаачыстыбалаахтара көстөр. Хас биирдии ороҥҥо үлэһити, сиэстэрэни ыҥырар кунуопка баар. Хос барыта өстүөкүлэ сабыылаах балконнаах. Манна тахсан, ыраата барбакка, салгын сиэххэ сөп эбит.

Тэлгэһэтэ эмиэ киэҥ-куоҥ, бэс чагда быыһыгар турар. Чугас сынньалаҥ паарката баар. Сайыҥҥы беседкаҕа араас тэрээһиннэри ыытыахтарын, чэй иһиэхтэрин сөп. Кыанар дьон тэпилииссэҕэ оҕуруот аһын, сибэккини үүннэриигэ үлэлииллэр. Быйыл көҕөрдүү үлэтин күүскэ ыытыахтаахтар.

Социальнай геронтологическай киин буолуоҕа

Намнааҕы кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ 1994 сыллаахха тэриллибитэ. Икки этээстээх дьиэлэргэ олорбуттара. Билигин ол дьиэлэргэ стационар баар буолуоҕа, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагынан саҥардыы үлэтэ ыытыллыаҕа.

Урут интэринээт-дьиэҕэ 30 киһи олорбут буоллаҕына, билигин 65 миэстэлээх. Үлэһиттэр ахсааннара эмиэ икки төгүл эбилиннэ. Үлэһиттэр аныгылыы көрүүнэн саҥаны киллэрэр, айар-тутар былааннаахтар.

Интэринээт-дьиэ сыыйа социальнай геронтологическай кииҥҥэ кубулуйуоҕа. Кыаммат, сытар кырдьаҕастары көрөр-истэр «Милосердие», ону тэҥэ, «Активное долголетие», «Передышка», «Дневной полустационар» диэн саҥа отделениелар баар буолуохтара.

Саҥа дьиэ 4 785 кв.м. иэннээх, 2 этээстээх. Үөһэттэн көрдөххө, Н буукуба курдук быһыылаах. Тутааччы – “АЭБ Капитал” хампаанньа. Бу эбийиэк 99% федеральнай бүддьүөттэн үбүлэммит. Суумата – 562 мөлүйүөн солкуобай.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу интэринээт-дьиэ эҥээр Чөл олох кыбаартала тутулла турар. Ол кыбаартал биир эбийиэгэ бу тутуллан киирдэ. Аны балыыһа дьиэтэ тутуллар. Дьиэ кэргэн киинэ тутуллуохтаах. “АЭБ Капитал” Нам улууһугар хас да улахан эбийиэги тутан киллэрбит – 450 миэстэлээх оскуоланы, кырдьаҕастар, инбэлииттэр дьиэлэрин уонна балыыһаны тута сылдьар.

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

“Киһи үйэтин уһатыыга — өссө биир хардыы”

Үөрүүлээх түгэҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов, үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

Лоп курдук 2 сыл 2 ый анараа өттүгэр биһиги манна бастакы сыбаайаны түһэрбиппит. Пандемия саҕана үгүстэр саарбахтыыр да курдуктара: үп-харчы көрүллэн, тутуу кэмигэр бүтүө дуо диэн. Кырдьык, элбэх ыарахаттары көрүстүбүт. Кытаанах сааҥсыйа усулуобуйатыгар матырыйаалы булан-талан, тиэрдэн, барытын кыайдыбыт. Тоҕо диэтэр, биһиги үтүө дьыаланы оҥоробут.

2018 сылтан Владимир Путин көҕүлээһининэн, национальнай бырайыактар үлэлииллэр. Ол иһигэр, “Демография” национальнай бырайыак “Аҕам саастаах көлүөнэ” бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники 5 сыл иһигэр Бүлүүтээҕи интэринээт-дьиэ, Өлүөхүмэтээҕи интэринээт-дьиэ тутулуннулар. Бу кэнники сылларга кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ анаан федеральнай бүддьүөттэн 1 миллиард солкуобай кэриҥэ үп көрүлүннэ.

Бу аныгылыы технологияларынан, архитектурнай ньымаларынан тутуллубут тупсаҕай дьиэҕэ кырдьаҕастар, инбэлииттэр сынньалаҥнык, кыһалҕата суох олоруохтара диэн эрэнэбин. Кинилэргэ көрүүгэ-истиигэ эрэ буолбакка, үөрэнэргэ, сайдарга, алтыһарга бэртээхэй усулуобуйа тэрилиннэ.

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ киһи үйэтин орто сааһа 73 сылга тэҥнэстэ. Биэс сылынан 78 сааска, 2030 сылга 80 сааска тиийиэхпит диэн сорук туруорабыт. Онуоха маннык тупсаҕай дьиэлэри тутан, бу сорукка биир хардыы оҥоһулунна, — диэн Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ уонна массыына күлүүһүн туттарда.

Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов бу эбийиэктэр хаачыстыбалара үчүгэйин, үйэлээҕин, олорорго, үлэлииргэ усулуобуйаны учуоттуулларын сэргэ, тупсаҕайдык киэргэтэллэрин бэлиэтээтэ.

Нам улууһун дьоно туора турбакка, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр кэлэн субуотунньуктаан, сууйан-сотон, ыраастаан көмөлөспүттэр. “Тапталлаах Сахабы сиригэр маннык эбийиэктэр элбии турдуннар!” – диэн кини түмүктээтэ.

Салайааччылар санаалара

“Саҥа ирдэбиллэргэ эппиэттэһэрдии үлэлиэхпит”

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Анастасия Заболоцкая, Намнааҕы кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин дириэктэрэ:

—Эһиил биһиги интэринээт-дьиэбит тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиэхпит. Урут 470 кв.м. иэннээх дьиэҕэ үлэлии олорбуппут. Кыараҕас буолан, үстүү-түөртүү буолан олорбуттара. Билигин 10 төгүл кэҥээтэ, улаатта. Үлэһиттэргэ, миэдиктэргэ эмиэ олус үчүгэй усулуобуйа тэрилиннэ.

Кырдьаҕастар сынньалаҥнарын тэрийэргэ улахан болҕомтобутун ууруохпут. Көмпүүтэр кылааһыгар “Госуслуги” порталы туһанарга үөрэтиэхпит. Улуустааҕы бибилэтиэкэни, Намнааҕы педколледжы, норуот айымньытын дьиэтин кытта бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһиигэ илии баттастыбыт.

Биһиэхэ Нам улууһуттан эрэ буолбакка, илин эҥээртэн кэлэн олохсуйаллар. Ким ханна ананарын үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин анал хамыыһыйата быһаарар. Үгүстэр өр сылларга олороллор, онон биир улахан дьиэ кэргэн курдук сананаллар. Үлэһиттэрбитин доҕотторун, чугас киһилэрин курдук ылыналлар.

Маннык дьиэлэр тутуллаллара дойдубут социальнай хайысхалаах судаарыстыба буоларын, кыаммат араҥаҕа көмөлөһөр бэлиитикэлээҕин туоһулуур. Национальнай бырайыактарынан төһөлөөх суол, социальнай эбийиэк тутулунна! Ол иһин дойдубут сайдар кэскиллээх, инникигэ эрэллээх. Кырдьаҕастарга саамай үчүгэй дыбарыас дьиэ Намҥа тутулунна. Онно сөп түбэһэрдии үлэлиэхпит-хамсыахпыт!

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Татьяна Протопопова, кылаабынай буҕаалтыр:

—Мин бу интэринээт-дьиэҕэ 1996 сыллаахха кассирынан үлэлии кэлбитим, уопсайа 27 сыл үлэлээтим. Бу наһаа үөрэн, долгуйан турабын. Маннык үчүгэй усулуобуйалаах, аныгылыы тупсаҕай дьиэҕэ үөрэ-көтө үлэлиэхпит. Бу кэнники 33 саҥа үлэһит кэллэ. “Дорожнай каартанан”, миэдиктэрбит, социальнай үлэһиттэрбит үчүгэй хамнастаахтар.

Кырдьаҕастар санаалара

“Саҥа дьиэбититтэн астынабыт”

Тамара Гаврильевна Федотова, Владимир Николаевич Иванов интэринээт-дьиэҕэ кэлэн, билсэн баран, ыал буолбуттара. Кинилэр маннык санаалаахтар:

—Биһиги сырдык, ыраас саҥа дьиэлэниэхпит диэн кэтэспиппит ыраатта, ол эрээри, киирэн баран, олус соһуйдубут, үөрдүбүт. Аан бастаан киирэрбитигэр, үлэһиттэрбит сэлэлээн туран, ытыс тыаһынан көрсүбүттэрэ, алаадьынан күндүлээбиттэрэ. Ис өттө наһаа үчүгэй, кырдьаҕас киһи олороругар анаммыт, барыта толкуйдаммыт. Хосторбутун “дьиэбит” диэн ааттыыбыт. Эчи, сырдыгын, ырааһын, сылааһын! Хоско душ, туалет баара олус табыгастаах. Оронноро сымнаҕас, олус бэркэ утуйан турдубут. Көрүдүөргэ сибэкки арааһа, хартыыналар ыйаммыттар, сынньанар сирдэргэ сып-сымнаҕас дьыбааннардаах. Биэс сулустаах гостиницаҕа олорор курдукпут!

Ааптар түһэриитэ

Мария Бочонина, 82 саастаах, РСФСР үтүөлээх учуутала, “Учууталлар учууталлара”:

—Таатта улууһуттан сылдьабын, манна олорбутум иккис сылым. Саҥа дьиэттэн, бииргэ алтыһар үөлээннээхтэрбиттэн, үлэһиттэртэн астынабын. Наар үөрэ-көтө сылдьаллар, истиҥ, сылаас сыһыаннаахтар. Күммүт сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри былаан быһыытынан ааһар. Күн аайы араас көрсүһүүлэр, култуурунай тэрээһиннэр буолаллар. Сааһырбыт дьоҥҥо маннык дьиэлэр олус наадалар. Сэрии  кэмин оҕолоро аас-туор олоҕу олорбуппут, аччыктааһыны, быстарыыны улахан дьоннуун тэҥҥэ сүкпүппүт, олох бары очурдарын тулуйбуппут. Киһи 80-н ааста да, бэйэтин көрүнэрэ ыарыыр, маннык бэлэм дьиэҕэ кэлэн, кыһамньылаах ыччат дьону кытта алтыһан, сынньалаҥнык олорор үчүгэй.

Ааптар түһэриитэ

Вера Попова, Ленскэй нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:

—Улууспутугар маннык үчүгэй, аныгы дьиэ тутуллубутуттан олус үөрэбит. Бэтэрээннэр, Нам улууһун олохтоохторо бэрэсидьиэн Владимир Путиҥҥа, Ил Дархан Айсен Николаевка улахан махталбытын тиэрдэбит! Үп-харчы көрүллэн, үчүгэй усулуобуйа тэриллэриттэн өрөспүүбүлүкэҕэ уһун үйэлээхтэр ахсааннара эбиллиэ диэн эрэллээхпин.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: