Дмитрий Петров аатынан Ытык Күөл 2 №-дээх оскуолата сахалартан соҕотох Албан Аат Уордьанын толору кавалера Дмитрий Ананьевич Петров аатын сүгэр. Бу уордьан толору кавалера дьоруойга тэҥнээх.
Онон Дмитрий Ананьевич аатын сүгэр оскуолаҕа Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов 6 кылааска сылдьан, манна үөрэммитэ түбэһиэхчэ буолбатах эбит дии саныыгын. Кини Ытык Күөлгэ кэлээт да, биир бастакынан үөрэммит оскуолатын учууталларын, үөрэнээччилэрин кытта көрүстэ.
Оскуола дириэктэрэ Д.В. Сергеев Дьоруой хорсун быһыытын туһунан кэпсээтэ, кылааһын салайааччыта, устуоруйа учуутала Лариса Эверстова Родимир оскуолатааҕы сылларынан ахтыы оҥордо, Дмитрий Петровка аналлаах кинигэни бэлэхтээтэ. Родимир Максимов бииргэ сэриилэспит хамандыырын уолун 7 “б” кылаас үөрэнээччитэ Егор Сокольниковы кытта көрүстэ. Бу кэннэ аһаҕас микрофон нөҥүө улахан кылаас оҕолоро, “Албан” кулууп чилиэннэрэ элбэх ыйытыы биэрдилэр.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…