Салгыы
Роспотребнадзор ыһыах кэмигэр дьиэҕэ оҥоһуллубут аһы-үөлү атыыласпаккытыгар сүбэлиир

Роспотребнадзор ыһыах кэмигэр дьиэҕэ оҥоһуллубут аһы-үөлү атыыласпаккытыгар сүбэлиир

24.06.2024, 14:57
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 29-30 күннэригэр Дьокуускай куоракка Үс Хатыҥҥа Туймаада ыһыаҕа ыытыллаары турар. Ыһыах кэмигэр нэһилиэнньэни санитарнай-эпидемиологическай өттүнэн хааччыйар уонна сыстыганнаах ыарыыны, сүһүрүүнү сэрэтэр инниттэн Роспотребнадзор кэккэ сүбэлэри таһаарда.

Ол курдук, аһылык бородууксуйатын, ол иһигэр төрүт аһы (эт, үрүҥ ас) атыылаһаргытыгар болҕомтолоох буоларга ыҥырар:

— Аһылыгы анал аһылык атыыланар миэстэлэриттэн эрэ атыылаһыҥ (атыыланар сиргэ тэрилтэ, урбаанньыт аата-суола ыйыллыбыт буолуохтаах (ИНН, ОГРН);

— Түргэнник буорту буолар аһылык хараллыытыгар болҕомтоҕутун ууруҥ. Өскөтүн маннык аһылык хараллыытыгар температурнай эрэсиимэ тутуһуллубатын көрдөххүтүнэ, ылымаҥ;

— Атыыһыт табаар туһунан быһааран биэриэхтээх. Дьокуускай куорат дьаһалтата бигэргэппит бородууксуйатын испииһэгэр киирбит эрэ табаар атыыланыахтаах;

— Маркировката суох дьиэтээҕи усулуобуйаҕа оҥоһуллубут түргэнник буорту буолар бородууктаны (кириэмнээх кондитерскай оҥоһуктары (пироженай, туорт), майонезтаах салааттары; төбөттөн оҥоһуллубут эт рулеттары, хааны, сүөһү иһиттэн оҥоһуллубут халбаһыны, эт, балык кутуу астары (заливные блюда), дырыһааҥкыны; буспут халбаһы оҥоһуктарын; тиэстэҕэ сууламмыт сосисканы, хот-догу, шаурманы о.д.а., кымыһы, быырпаҕы атыылаһымаҥ.

— Атыылаһааччы ирдэбилинэн атыыһыт бородууксуйа хаачыстыбалааҕын, куттала суоҕун туоһулуур докумуону көрдөрүөхтээх (декларация о соответствии, протоколы лабораторных исследований).

— аһылык бородууксуйатын, үүттэн аһытыллан оҥоһуллубут утахтары сиэбиккит, аһаабыккыт кэннэ ыарытыйар түгэҥҥитигэр (ордук искит эрийэр, ыалдьар, хотуолуох санаа кэлэр) мэдиссиинэ тэрилтэтигэр көрдөрүнэр ирдэнэр;

— Аһылык бородууксуйатын анал ыйыллыбатах сиргэ атыылыы турар дьонтон атыылаһымаҥ. Бэйэҕит уонна чугас дьоҥҥут доруобуйаларын харыстааҥ.

Өскөтүн аһылык хаачыстыбатын уонна куттала суох буолуутун саарбахтыы көрдөххүтүнэ эбэтэр атыылыыр кэмҥэ санитарнай ирдэбил тутуһуллубатын бэлиэтээтэххитинэ, Үс Хатыҥҥа баар комендатураҕа, ону тэҥэ,  Роспотребнадзорга биллэрэр ирдэнэр.

Сиһилии манна ааҕыҥ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: