Роспотребнадзорга метапневмовирус хайдах эмтэнэрин кэпсээтилэр
Арассыыйаҕа метапневмовирус сыллата регистрацияланар уонна тумуу вируснай инфекциятын санатар.
Бу туһунан Роспотребнадзор эпидемиологиятын научнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, РАН академига Александр Горелов ТАСС иһитиннэрдэ.
«Дьиҥэр бу ураты саҥа вирус буолбатах, 21-с үйэ саҕаланыытыгар аан дойдуга икки саҥа бокавирус уонна метапневмовирус буллубуттара. Бу ыарыы биһиэхэ сыл ахсын кэлэр уонна килиниичэскэй хартыынанан тумуу, грипп инфекциятын санатар. Манна туох да дьиктитэ суох, тоҕо диэтэххэ, вирус уларыйан иһэр, риновирустары солбуйан парагрипп эбэтэр метапневмовирус кэлиэхтэрин сөп», — диэтэ кини. Горелов быһаарбытынан, Роспотребнадзор билигин ыарыыны түргэнник быһаарар тиһиги оҥорбут. Кини этэринэн, метапневмовируснай инфекцияны чопчу сыаллаан эмтээһин суох эрээри, эмтэнии быһыытынан вирустары утары препараттары туһаналлар.
Бэйэни харыстанарга эспиэр элбэх дьон мустар сиртэн сылдьартан туттунарга эбэтэр маасканы кэтэргэ, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьарга уонна чөл олоҕу тутуһарга сүбэлээтэ.
Кытайга уонна Казахстаҥҥа метапневмовирус тарҕаныыта бэлиэтэнэр
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: