(Национальнай театрдар бэйэлэрин эстетикаларын көрдүүллэр)
«Москваҕа Россияҕа национальнай театрдара анал дьиэлээх-уоттаах, барыларын түмэр тэрилтэлээх буолуохтаахтар” диэн Республикабыт Государственнай сүбэһитэ Андрей Борисов туруорсубута хас да сыл буолла. Дьэ, ол туруорсуу олоххо киирэн эрэр дуу диэххэ сөп.
Бэс ыйын 22-26 күннэригэр Дьокуускайга Россия национальнай театрдарын бастакы Конгреһа буолан ааста, онно театр эйгэтин биллиилээх салайааччылара түмсэн олус киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтиһиилэри ыыттылар, айар-тутар дьон санааларын үллэһиннилэр. 2019 сыллаахха Россия правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Голодецка буолбут мунньахха Россия театральнай деятеллэрин Союһун бэрэстээтэлэ Александр Калягин, Москва куорат культураҕа депатаменын салайааччытын солбуйааччы Александр Кибовскай, Александрийскай театр уус-уран салайааччыта Валерий Фомин Андрей Саввич инициативатын өйөөн тыл эппиттэрэ. Александр Кибовскай, бэл, Москваҕа ханнык дьиэлэри ол саҥа тэрилтэҕэ биэриэххэ сөбүн туһунан санааларын билиһиннэрбитэ.
Соторутааҕыта Олоҥхо дойдутугар театр эйгэтин Бүтүн Россиятааҕы конгреһа ыытылынна. Онно Башкортостан, Татарстан, Бурятия уонна Саха сирин национальнай бырайыактара билиһиннэрилиннилэр. Валерий Фокин уонна да атын ыалдьыттар айар маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр санааларын үллэһиннилэр. Конгресс пленарнай мунньагар Республикабыт Ил Дархана Айсен Николаев, Россия Президенин дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Магомедсалам Магомедов, Россия Дальнай Восток уонна Арктика сайдыытыгар миниистирин солбуйааччы Марат Шамьюнов, сенатор Павел Тултаев уонна Госдума депутата Валентина Пивненко кыттыыны ыллылар.
Ону таһынан АТТИС (Афины, Греция) театрын художественнай салайааччыта Теодорос Терзопулос, сценическэй искусство Россиятааҕы государственнай институтун ректора Наталья Пахомова, онтон да атын регионнарга баар театр эйгэтин салайааччылара кыттыыны ыллылар.
Бэс ыйын 24-25 күннэригэр Валерий Фокин Гоголь «Женитьбатын” туруоруутун Дьокуускай олохтоохторо Саха театрыгар кэрэхсээн көрдүлэр.
Конгресс пленарнай мунньаҕар икки сессия үлэлээтэ. Онно «Национальный театр как источник кросскультурного объединения регионального сообщества» уонна «Образовательные программы и просветительские проекты в театральной сфере: национальный аспект» диэн өйдөбүллэргэ киэҥ кэпсэтии таҕыста.
Бу улахан түмсүү кыттыылаахтара Россия регионнарыгар баар национальнай театрдар айар күүстэрэ бииргэ үлэлээн бэйэ бэйэлэрин байытыһар буолар ситимнэрин тэрийэр баҕалаахтар. Онон Бүтүн дойду үрдүнэн регионнар үтүө театральнай сабыдыалларынан норуоттар бэйэ-бэйэлэрин кытта сомоҕолоһор кэскиллээх үгэстэрэ үөскүөхтээх. Оччоҕуна дойду норуоттарын биир ньыгыл түмсүүлэрэ ситиһиллиэхтээх. Дьиҥэ даҕаны, дойду норуоттара бары кыттыһан оҥорор биир уопсай өйдөөх-санаалаах, биир сыалга дьулуһар бырайыактаах буоллахтарына биир сомоҕо күүс буолуохтара.
Санаан көрүҥ, Россия Президенин дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Магомедсалам Магомедов Конгресс кыттыылаахтарыгар В.В. Путин эҕэрдэ суругун ааҕан иһитиннэрбитэ. Дойду баһылыга быйыл тохсунньуга Россия национальнай театрдарын Ассоциацията тэриллибитин үөрүүнэн көрсүбүтүн биллэрдэ. Оттон ити Ассоциация бастакы улахан, биллэр-көстөр тэрээһининэн Саха сиригэр ыытыллыбыт национальнай театрдар конгрестара буолар. Онон бу Конгресска национальнай театрдар төрүт-уус үгэстэрэ сайдар суолларын туһунан кэпсэтиһиилэр улахан өйөбүлү ылыахтара диэн эрэниллэр. Бу хамсааһыҥҥа президент Конгресс кыттыылаахтарыгар туһаайан ыыппыт суруга дойду салалтатын саамай үрдүкү таһымыгар улахан суолу арыйыаҕа, национальнай театрдар түмсэн Москваҕа үлэлиир усулуобуйалара тэриллиэҕэ, онно аналлаах дьиэ-уот бэриллиэҕэ диэн сэрэйиллэр.
“Россия диэн туспа цивилизация буолбут судаарыстыба, кини бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх ( кодтаах)» диэтэ Магомедсалам Магомедалиевич: ”Биһиги ханнык баҕарар ыарахаттары тулуйар уонна кыайар ураты дьоҕурдаахпыт. Россияҕа билигин 83 национальнай театрдар олохтоох норуоттар тылларынан үлэлии олороллор, онон бу хамсааһын салгыы сайдыа диэн эрэллээхпин” диэтэ.
Сенатор Павел Тултаев Федерация Сэбиэтин культураҕа, наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ сис комитетын бэрэстээтэлэ Лилия Гумерова эҕэрдэ суругун билиһиннэрдэ. Кини: “Россияҕа норуоттар бэйэ-бэйэлэригэр чугас уонна дириҥник өйдөһөр буолалларыгар күүстээх уонна киэҥ далааһыннаах культурнай бырайыактар тэнийэн, олоххо киирэн иһиэхтээхтэр” диэн санааны эттэ уонна ол судаарыстыба туспа соруга буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Грек режиссера этэринэн бу түгэн сайыннарыллан, кэҥээн аан дойдутааҕы түмсүү буолуо диэн сабаҕалаата. Оттон Саха Автономиятын төрүттэспитэ 100 сыл буолбут, омук сүгүрүйэр судаарытыбаннай деятелэ Былатыан Ойуунускай суруйбут “Улуу Кудаҥса” диэн айымньытынан туруоруллубут Андрей Борисов спектаклын көрөн баран: “Эһиги үгэстэргитин, чахчы, олус харыстабыллаахтык илдьэ сылдьар эбиккит. Спектакль былыргы гректэр трагедияларын курдук кэмнэри сырдатар эбит диэн сыаналаата уонна спектаклы киэҥ Евразия таһымыгар таһаарар санаалааҕын биллэрдэ.
Александринскай театр директора Сергей Емельянов Арктикатааҕы киин тутуутуттан олус астыммыт уонна ити “уһулуччулаах бырайыак буолар” диэн сыаналаабыт. “Эһиги ити тутууну үлэҕэ киллэрдэххитинэ театральнай Росияҕа эрэ буолбакка Бүтүн Азия үрдүнэн уһулуччулаах үтүө түгэн буолуоҕа”, — диэтэ.
Онон Дьокуускайга тэриллибит конгресс национальнай театрдар, норуоттар доҕордоһууларыгар, дойдулар чугасаһыыларыгар, Ил, Эйэ, омуктар культуралара сайдарыгар ураты сабыдыаллаах буолуоҕа диэн санааны бигэргэттэ. Ол дьыалаҕа Саха сирэ дьоһун кылаатын киллэриэҕэ.
Николай Крылов, суруналыыс.
Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…