С гепатиты чинчийии диспансеризация бырагырааматыгар киллэрилиннэ
2025 сылтан С гепатикка антителаны чинчийии нэһилиэнньэҕэ оҥоһуллар диспансеризация бырагырааматыгар киллэрилиннэ.
С вирустаах гепатит киһи доруобуйатыгар олус кутталлаах, тоҕо диэтэххэ, быары эрэ буолбакка, былчархайы, бүөрү, тымырдары, киһи тириитин кэбирэтэр. Ону таһынан, кэмигэр эмтэммэтэххэ, ыарыы цирроз уонна быар араага сайдарыгар тириэрдиэн сөп. Билигин Саха сиригэр диспансер учуотугар 6,5 тыһыынчаттан тахса киһи турар.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сирин Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ “Уһун уонна көхтөөх олох” диэн саҥа национальнай бырайыак чэрчитинэн С гепатиты утары охсуһуу бырайыагын салгыы олоххо киллэрэр.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, С гепатикка скрининг чинчийиилэрэ, диспансеризация, быраастарга уонна эмтэнээччилэргэ үөрэхтэр буолуохтара.
Скрининг 25-тэн үөһээ саастаахтарга оҥоһуллар уонна 2030 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ улахан дьон 50 бырыһыана мэдиссиинэ ити чинчийиитигэр кыттыахтаах.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай инфекциониһа Снежана Слепцова:
“С вирустаах гепатиттаах дьон доруобуйаларын босхо көрдөрөллөр уонна босхо эминэн хааччыллаллар. Чинчийии олорор сиргинэн поликлиникаҕар диспансеризация бырагырааматын чэрчитинэн оҥоһуллар”, — диэн саҥа уларыйыыны билиһиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: