Саастаах көлүөнэҕэ — тустаах болҕомто
“Демография” национальнай бырайыак биэс федеральнай бырайыагы олоххо киллэрэр.
Ол курдук, национальнай бырайыак чэрчитинэн “Оҕо төрөөһүнүгэр үбүнэн өйөөһүн”, “Дьарыктаах буолууну ситиһии”, “Саастаах көлүөнэ”, “Доруобуйаны бөҕөргөтүү”, “Успуорт — олох тутула” курдук бырайыактар олоххо киирэн, кэлиҥҥи сылларга дьон олоҕо биллэ тубуста.
Бүгүн “Саастаах көлүөнэ” бырайыак сүнньүнэн аҕам саастаах дьоҥҥо туһуламмыт туох үлэ ыытылларын туһунан ырытыахпыт.
Бырайыак олоххо киирэр
Саха сиригэр “Саастаах көлүөнэ” бырайыак 2019 сылтан олоххо киирбитэ. Бу үлэ былааннаахтык ыытыллар буолан, кэлиҥҥи сылларга саастаах дьон орто сааһа 72 сааска тэҥнэстэ. Ол, биллэн турар, национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн аҕам саастаах дьон болҕомто киинигэр сылдьалларын кытта ыкса сибээстээх. Бастатан туран, диспансеризация олохтоохтук ыытыллар буолан, доруобуйаны тупсарыыга үгүс киһи хабыллар буолла. Оҕото-уруута суох кырдьаҕас дьону ыалга көрүүгэ-харайыыга ылыы эмиэ саастаах дьоҥҥо болҕомто ууруллуутун биир көрүҥэ. Саха сиригэр 250‑ча оннук ыал баар. Эрэгийиэҥҥэ гериатрическай сулууспа үлэтэ күүһүрдэ. Ол курдук, хас биирдии улуустааҕы балыыһаҕа гериатрическай отделение баар буолуохтааҕа туруорсууга сылдьар. Улуустарга Үһүс көлүөнэ оскуолалара аһыллан, бэрт тахсыылаахтык үлэлииллэр. Маны таһынан, үрдүк үөрэххэ саастаах дьон үөрэнэ киирэллэригэр, үөрэхтэрин уларытан, атын идэни баһылыылларыгар национальнай бырайыак чэрчитинэн эмиэ үлэ ыытыллар.
Санаторнай-курортнай өҥөҕө өйөбүл
СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министэристибэтин социальнай бэлиитикэҕэ дэпэртээмэнин салайааччыта Ирина Слепцова иһитиннэрбитинэн, б.дь. от ыйын 7 күнүттэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыыл уонна үлэ бэтэрээннэригэр социальнай өйөбүл туһунан” СӨ сокуонугар уларытыы киирдэ. Ол курдук, бэтэрээннэргэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр сынньанар буоллахтарына, үс сылга биирдэ санаторнай-курортнай путевка 80% төлөнөр. Бу маннык өйөбүл быйылгыттан өрөспүүбүлүкэ таһыгар “Бэс Чагда” санаторийга көрүллэр буолла. Онтон атын дойду санаторийдарыгар өйөбүл көрүллүбэт. Саастаах дьон бэйэлэрин улуустарыгар баар социальнай управлениеларга уочаракка тураллар. Онно өрөспүүбүлүкэттэн анал кубуота бэриллэр.
«Саха Өрөспүүблүкэтигэр тыыл уонна үлэ бэтэрээннэригэр социальнай өйөбүл туһунан” 2013 сыл олунньу 21 күнүнээҕи 1160–3 1227‑IV №-нэн бигэргэммит СӨ Сокуонугар 60 саастарыттан үлэлээбэт биэнсийэлээх дьоҥҥо санаторнай-курортнай путевкаларын сыанатын төлөбүрэ 80% толуйуллар диэн этэ. Быйылгыттан ыла үлэлээбэт эр дьон — 55, дьахталлар 50 саастарыттан бу маннык өйөбүлүнэн туһаныахтарын сөп буолла.
Көхтөөх сынньалаҥ
2022 сыл от ыйыттан 65 саастарыттан үөһэ саастаах дьону түмэр сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕыра «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн аһыллан үлэлиир
буолла. Ол курдук, былырыын Нам улууһун киинигэр И. Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай кэллиэс баазатыгар тэриллибит «Үрүҥ көмүс сынньалаҥ» лааҕырга өрөспүүбүлүкэ 17 улууһуттан 100 тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ кэлэн сынньаммыта. Быйыл иккис сылын саастаах дьоҥҥо туһуламмыт “Саастаах көлүөнэ” национальнай бырайыак чэрчитинэн “Көхтөөх уһун үйэлэнии” социальнай бырагырааманы олоххо киллэрдилэр. Ол эбэтэр, СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Победа»
социальнай харысхал Ресурснай киинэ “Үрүҥ көмүс сынньалаҥ” сайыҥҥы лааҕыры тэрийэн үлэлэттэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэ 19 улууһуттан элбэх киһи кэлэн, Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт судаарыстыбаннай үнүстүүтүн уопсайыгар олорон сынньаннылар. Аҕа саастаах дьон лааҕырын тэрийии — «Победа» социальнай харысхал Ресурснай киинин исписэлииһэ Наталья Васильева ааптарыскай бырайыага. Кини бу лааҕыры СӨ Бэтэрээннэрин ассоциациятын иһинэн тэрийэн үлэлэтэр. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, былырыыҥҥыттан ыла лааҕырга социальнай волонтер быһыытынан «Тыгын Дархан» эрэстэрээни өр сылларга салайбыт СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Мария Габышева — аһы-үөлү, СӨ народнай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина Афанасий Афанасьев — култуурунай сынньалаҥы тэрийиигэ сүбэ-ама буолаллар. “Үрүҥ көмүс сынньалаҥ” лааҕырга сэттэ күн устата өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэрэ доруобуйаларын бөҕөргөтүнэн, сынньалаҥнарын туһалаахтык атаардылар. Күн аайы араас ис хоһоонноох тэрээһиннэри, куруһуоктары тэҥэ, дириҥ ис хоһоонноох көрсүһүүлэр буоллулар. Ол курдук, «Айылгы» култуура киинигэр Е. А. Борисов аатынан бибилэтиэкэҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьахталлар сойуустарын иһинэн үлэлиир Уһуйааччылар (наставник) сэбиэттэрин чилиэннэрэ Анастасия Божедонованы уонна Мария Габышеваны кытта улуус дьахталларын сэбиэтин актыыба көрүстэ. Көрсүһүүгэ Чурапчы улууһун нэһилиэктэригэр Уһуйааччылар сэбиэттэрин тэрийии туһунан кэпсэттилэр. Маны таһынан, лааҕыр олоҕор успуорт көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр, айан-тутан таһаарар маастар-кылаастар буоллулар, Таатта улууһун Чөркөөх мусуойун көрдүлэр. Лааҕыр үөрүүлээх сабыллыытыгар СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников, Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай үнүстүүтүн ректора Иннокентий Готовцев, “Победа” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай Киин салайааччыта Галина Лебедева кыттыыны ыллылар. Кинилэр хас биирдии көрүҥ кыайыылаахтарыгар өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттаран, араас улуустан кэлэн сынньаммыт дьон санааларын көнньүөртүлэр.
Ити курдук, Саха сиригэр “Саастаах көлүөнэ” национальнай бырагыраама тэтимнээхтик олоххо киирэн, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ тустаах болҕомтонон уонна өйөбүлүнэн туһаналлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: