“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Уол оҕоҕо
Киһи буолан айыллан,
Оҕо буолан таалалаан
Төрөөн көппүт дойдугар,
Аламай күннээх туонаҕар—
Дьэдьэн мүөтэ салгыннаах,
Сардааналаах саһарҕалаах
Тапталлаах Сахаҥ сиригэр,
Арассыыйа Ийэҥ иэнигэр,
Эмиэ Куттал эргийдэ,
Ыҥырыы тыла дьиэһийдэ!
Хааннаах тэргэн ньиргийдэ,
Сир этэ тардан дьигиһийдэ!
Эмиэ Өлүү барыйда!
Харах уута халыйда!
Иэскин төлүүр туһугар,
Чиэскин кэспэт туһугар,
Саха олоҥхотун боотура,
Ньургуннуу, Олох туһугар тура,
Эн — эр киһи, кыырт мохсоҕол,
Эрэллээх буойун саллаат буол!
Көҥүл Сир олоҕун харыстаан,
Эһэлэриҥ Кыайыыны аҕалсан,
Арҕаа туппут килбиэннээх
Өһөх хаан эҥэрдээх
Эндирдээх суолларын солооҥҥун,
Бар дьоҥҥун,
Ийэ дойдугун
Кыр өстөөхтөн
Өлүүнү өһөрсөн,
Түөскүнэн көмүскүү,
Кэтит күөҥҥүнэн бүөлүү
Алаастан арахсан
Бараҕын аттанан!
Охтоохтон охтума!
Саалаахтан самныма!
Эйэни көтөҕөн эргиллээр,
Кыайыылаах төннөҥҥүн эн үөрдээр!
«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…
Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…
Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…
Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…
Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…