Саха сирэ уонна РФ Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах олохтоох норуоттарын ассоциацията «Россия» быыстапкаҕа биир былаһаакканы тэрийиэхтэрэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев уонна РФ Сибиир, Уһук Илин уонна Хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах  норуоттарын ассоциациятын сенатора, бэрэсидьиэнэ Григорий Ледков «Россия» быыстапка-пуорумҥа биир былаһаакканы тэрийэр туһунан дьүүллэстилэр.

Григорий Ледков көрсүһүүгэ Саха сирин салалтата хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар бырааптарын олоххо киллэрэргэ федеральнай таһымҥа күүскэ туруорсалларын бэлиэтээтэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«РФ Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциацията Саха сирин Бырабыыталыстыбатын тэҥэ уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин кытары көдьүүстээхтик үлэлэһэр», — диэн сенатор бэлиэтээтэ.

Маны тэҥэ өрүттэр хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын туруктаах сайдыыларын хааччыйыыга сокуон баазатын бэлэмнээһиҥҥэ уонна тупсарыыга үлэлэһэр бырайыактары уонна былааннарын, кинилэри Саха сиригэр социальнай өттүнэн өйүүр боппуруостары дьүүллэстилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago