Муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ биэлиэтэнэр. Бу күн 1922 с. Саха сирин устуоруйатыгар аан бастаан судаарыстыбаннас төрүттэммитэ – РСФСР састаабыгар Саха АССР киирбитэ. Ол кэннэ 70 сыл буолан баран 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр күүһүгэр киирбит саҥа Конституцияны ылыныы сувереннай өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар уһулуччу дьоһун суолталаах дьиҥ историческай кэрдиис кэминэн буолбута.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ Саха АССР олохтонуутун устуоруйатын уонна Саха сирин судаарыстыбата төрүттэниитин кэмин хабар, интэриэһинэй матырыйааллары талан саайтыгар туруорда. Ону тэҥэ манна Саха сирин ураты бэлиэлэрин туһунан кинигэлэрэ уонна араас сыллардааҕы видеохроникалара талыллан киирдилэр.
Кинигэни ханнык баҕарар, интэриниэт баар сиригэр ааҕыахха сөп. Онуоха саайтка авторизацияланыахха эбэтэр регистрацияланыахха эрэ наада.
Онон СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин саайтыгар https://new.nlrs.ru/collections/477 сигэнэн киирэҥҥит «От Якутской АССР до Республики Саха (Якутия)» Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаммыт матырйааллары көрүөххүтүн сөп.
Манна эһиги Саха сирин устуоруйатын туһунан элбэх интэриэһинэйи булуоххут, видеохроникалары көрүөххүт диэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ иһитиннэрэр.
Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун быраабата телеграмҥа ханаалыгар суруйбутунан, бүгүн, тохсунньу 8 күнүгэр, 15:20 чааска 03…
Бүгүн, тохсунньу 8 күнүгэр, Намныыр суол 14 км хас да массыына харсыспыт. Бу туһунан куораттааҕы…
Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр”…
Билигин “Е” диэн эбилигэ суох ас суоҕун кэриэтэ. Доруобуйаҕа буортулаах уонна кыра буортулаах диэҥҥэ арахсаллар.…
Кылтасов Дмитрий Николаевич төрөппүттэригэр ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ удьуор туундара дьоно этилэр. Дмитрий…
Кириэс мас сэтэ Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола…