Саха цииркэтэ 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ
Сэтинньи 9 күнүгэр Саха судаарыстыбаннай цииркэтэ тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтэ.
Дьоро киэһэҕэ киэҥ уораҕайы толору оҕолор, көрөөччүлэр муһуннулар. Бырааһынньыктааҕы үөрүүнү үксэтэн, сүргэни көтөҕөн, куупалтан араас өҥнөөх саарыктар түһэн, оҕолору үөртүлэр.
Цииркэ дириэктэрэ Сергей Расторгуев цииркэ аан бастаан хайдах тэриллибитин кэпсээтэ.
— Бүгүн олус үчүгэй түгэҥҥэ кэлэн турабыт. 30 сыл устуоруйаҕа кыра кэрчик кэм. Ол эрээри бу кылгас кэм иһигэр саха цииркэтэ атаҕар турда, аан дойдуга аатырда, бэртээхэй идэтийбит кэлэктиип тэрилиннэ. Саха цииркэтэ ураты көстүү буолар, тоҕо диэтэр, үс култуураны холбообута. Арассыыйатааҕы, илиҥҥи уонна хотугу норуоттар култуураларын, цииркэ ускуустубатын холбоһуктара буолар, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников эттэ.
— Биһиги бары харахпыт далыгар Сахабыт сиригэр цииркэ курдук ураты ускуустуба үөскээн, ситэн-хотон, тыыллан-хабыллан таҕыста. Аан дойдуга ситиһиилэриттэн үөрэбит, киэн туттабыт, — диэн култуура миниистирэ Афанасий Ноев бэлиэтээтэ.
Вице-премьер Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха судаарыстыбаннай цииркэтин кэлэктиибигэр Ил Дархан Махтал суругун уонна үлэһиттэргэ үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.
Дьэ, онтон кэтэһиилээх үбүлүөйдээх көрдөрүү саҕаланна!
Уратыта диэн, экраҥҥа урукку нүөмэрдэр көстө турдахтарына, аренаҕа цииркэ бэтэрээннэрэ, артыыстар, оҕолор ону хатылаатылар, саҥардан биэрдилэр.
Маны тэҥэ, цииркэҕэ үлэлиир династиялары билиһиннэрдилэр. Үлэлии сылдьан билсэн холбоспут, оҕолорун, кийииттэрин-күтүөттэрин цииркэ ускуустубатыгар сыһыарбыт дьиэ кэргэттэр элбэхтэр эбит. Кинилэр нүөмэрдэрин көрөөччүлэр ытыс дохсун тыаһынан арыаллаатылар.
Ангелина Васильева.
Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: