Салгыы
Саха циркэтин сайдыытын туһунан төгүрүк остуол буолла

Саха циркэтин сайдыытын туһунан төгүрүк остуол буолла

27.10.2023, 19:22
Ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Алтынньы 27 күнүгэр «Саха циркэтэ — аан дойду иитигэр» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы төгүрүк остуол буолла. Эһиил Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха бриллиантовай циркэтэ тэриллибитэ 30 сылын туолар. Оттон саамай хотугу циркэни төрүттээбит, суохтан баар гыммыт Сергей Расторгуев быйыл айар үлэтин 50 сылын бэлиэтиир, онно анаммыт дьоро киэһэлэр буолуохтара. Оттон төгүрүк остуолга Белоруссияттан, Москваттан, Санкт-Петербуртан циркэ ускуустубатын диэйэтэллэрэ кыттыыны ыллылар.

Төгүрүк остуолга Ил Түмэн култуураҕа уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата  Виктор Губарев кыттыыны ылла. Кини циркэ — Саха сирин «визитнэй карточката» буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар циркэ кыттыыта суох буолбаттар. Бу отучча сыл устата циркэ хас дойдуга сылдьан, Саха сирин туһунан билиһиннэрдэ?  Циркэ сайдыытын туһунан боппуруоһу Ил Түмэн парламентскай истиитигэр, эбэтэр, «бырабыыталыстыба чааһыгар» таһаарыахха наада«, — диэн кини эттэ.

Дьэ, туох барыта ыраахтан көрдөххө, быдан үчүгэйдик көстөр дииллэр. Дойдуга бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар дьон Саха бриллиантовай циркэтин үлэтин-хамнаһын туһунан туох санаалаахтар эбитий?

Витаутас Григалюнас, Белоруссиятааҕы судаарыстыбаннай циркэ художественнай салайааччыта, доцент:

Биһиэхэ билигин сарсыарда, санаан көрдөххө, Саха сирин кытта икки ардыбыт олус ыраах. Ол ырааҕын иһин, букатын атын дойду, атын сир курдук өйдөбүллээхпит. Ол эрээри, Саха циркэтин мин аан бастаан 2018 сыллаахха көрбүтүм. Белоруссияҕа «Тепло вечной мерзлоты» диэн бырагыраамаларын илдьэ кэлэ сылдьыбыттара. Саала тобус-толору буолара, толору аншлаг, киһи билиэттэри кыайан булбат үлүгэрэ этэ. Биһиги көрөөччүбүт аан дойду аатырбыт циркэлэрин көрө үөрэммит буолан, талымас соҕус. Билинэбит, ырааххыт бэрт буолан, Саха сирин туһунан бэрт кыараҕас өйдөбүллээх этибит. Оттон Саха циркэтин бырагырааматын көрөн баран, ол көрүүбүт тосту уларыйбыта.

Эһиги норуоккут уратытын, култууратын көрдөрө, тарҕата сылдьаргыт олус үчүгэй, ол иһин кимиэхэ да маарыннаабаккыт. Сахалыы остуоруйа, ураты муусука, ойууннар, иччилэр, дьикти кыыллар, бэртээхэй көстүүмнэр — бу барыта норуот үйэлээх култуурата, баайа. Артыыстар аҕыйах этилэр эрээри, тугу барытын сатыыллара, хас да оруолга оонньууллара. Онон биир сыал-сорук туһугар ыалдьар, биир өйдөөх-санаалаах, бэриниилээх, ньыгыл кэлэктиип эбит диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Онон эһигини кытта бииргэ үлэлэһэрбитин салгыахпытын, саҥа бырагыраамаҕытынан гостуруолга ыҥырыахпытын баҕарабыт.

Ол 2018 сыллаах сырыыгыт туһунан хаһыаттар, пабликтар олус элбэхтик суруйбуттара, тэлэбиидэнньэҕэ көрдөрбүттэрэ. Белоруссия култуурунай олоҕун чаҕылҕан курдук сырдаппыккыт. Онон өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиибин — Саха циркэтэ Саха сирин, норуотун култууратын туһунан киэҥник билиһиннэрэ, сырдата сылдьар. Ону бэлиэтээн, былаас өттүттэн өйөбүл, болҕомто баарын көрөбүн.

Оттон Цветной бульварга баар Никулин циркэтин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, МГУ доцена Лидия Самойлова Саха циркэтин төрүттээбит Сергей Расторгуевы истиҥник эҕэрдэлээтэ, өссө да эрчимнээхтик сүүрэ-көтө, тэрийэ-салайа сылдьарын баҕарда. Кини этэринэн, билигин циркэ эйгэтигэр каадырдар, үчүгэй салайааччылар, продюсердар тиийбэттэр. Оттон Саха циркэтэ үс төгүл Кытайга оҕолору ыытан үөрэттэрбитин олус сөҕөрүн, ол аата бырабыыталыстыба өйүүрүн көрдөрөр диэн эттэ. Атын эрэгийиэннэргэ итинник суох. Ону тэҥэ, Арассыыйаҕа баар соҕотох цирковой училищеҕа саха бөлөҕүн арыйыахха наада диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

СӨ Наукаларын академиятын научнай үлэһитэ, философскай наука хандьыдаата Алексей Пудов 1995 сыллаахха Америкаҕа сылдьан, саха тойугун алҕас истэн, олус сөхпүтүн кэпсээтэ. Сүүрэн тиийбитэ, саҥа тэриллибит, аҕыйах киһилээх Саха циркэтэ бастакы гостуруолугар кэлэ сылдьар эбит.

Циркэ ускуустубатын омуктар олус түргэнник өйдүүллэр, ылыналлар, онон норуоттары сомоҕолуур, чугаһатар. Саха түҥ былыргы ураты култууратын циркэ нүөмэрдэринэн көрдөрөр, сырдатар буоланнар, омуктар олус интэриэһиргээбиттэрэ, сырса сылдьан көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Мин ону олус сөҕө көрбүтүм. 

90-с сылларга бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев саҥа саҕалааһыннарга  — саха киинэтэ, циркэтэ сайдарыгар олук уурбута, анал тэрилтэлэри тэрийбитэ. Билигин ол үтүө түмүктэри көрдөрөн эрэр. Дьиҥэ, сахаҕа былыр киинэ да, циркэ да суох буоллаҕа. Ону бэрт кылгас кэм иһигэр үрдүк таһымҥа таһаардылар. Манна саха култууратын төрдүгэр турар генетическэй куодтар  — ойуун, уус, олоҥхоһут, боотур өйдөбүллэрэ көмөлөөхтөр. Холобур, циркэ туруорууларыгар бу өйдөбүллэр толору арыллаллар, — диэн кини кэпсээтэ.

Сергей Расторгуев циркэ тэриллибит устуоруйатын кэпсээтэ уонна салгыы сайдар торумнарын ырытта. Онуоха 2004 сыллаахха тутуллубут циркэ дьиэтин иккис уочаратын тутуу куорат киинин киэргэтэрин таһынан, аныгылыы култуурунай-уопсастыбаннай комплекс, оҕо аймах, дьиэ кэргэн киинэ буолан, саҥа таһымҥа тахсыыны кэрэһилиэхтээх. Оҕолору, ыччаттары, дьиэ кэргэттэри түмэр, үөрэтэр, аралдьытар-сынньатар киин буолуохтаах. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: