Саха норуотун чулуу уола Исидор Барахов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Share

Саха интеллигенциятын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ – уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха автономиятын төрүттэспит чулуу киһибит Исидор Барахов пааматынньыгар бүгүн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Сыл аайы Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, үгэс курдук, судаарыстыбаннаһы төрүттэспит диэйэтэллэри, саха норуотун чулуу дьонун ахтан-санаан аһааллар, пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уураллар.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина кытынна. Кини мустубут дьоҥҥо туһаайан, муус устар 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ олоҕун түстүүр икки докумуон ылыллыбытын санатта. Ол курдук, 1922 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы ЦИК дэкириэтинэн Саха АССР тэриллибитин, оттон 70 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин XII уочарата суох сиэссийэтигэр өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията олоххо киирбитин бэлиэтээтэ.

«Бүгүн автономияны турууласпыт бэлитиичэскэй диэйэтэл пааматынньыгар эдэрдиин-эмэнниин мустан турабыт. Ил Дархан Айсен Николаев  уонна Бырабыыталыстыба аатыттан биһигини барыбытн түмэр, көлүөнэлэри сибээстиир, бу үөрүүлээх, дьоһун күнүнэн эҕэрдэлиибин. Саха сирин тыйыс усулуобуйата биһиги биир сомоҕо буоларбытыгар үөрэтэр. Биһиги көлүөнэлэр ситимнэринэн күүстээхпит,  онон биһиги Арассыыйаны кытары тэҥҥэ хардыылыыбыт!»,  – диэтэ Ольга Балабкина.

Тэрээһиҥҥэ тыл этээччилэр бары Исидор Барахов саха норуотугар, судаарыстыба төрүттэниитигэр оруолун, норуот хаһаайыстыбата, бырамыысыланнас сайдарыгар үтүөтүн аҕыннылар. Саха сирин оҥорон таһаарар күүстэрин, научнай чинчийиилэрин туһунан эмиэ кэпсээтилэр.

Үтүө күн дьоһун тэрээһинигэр ыччат дьон элбэҕин көрөн, маннык чулуу киһи аата өлбөөдүйбэт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ахтыллан иһиэ диэн эрэл санаа үөскүүр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

3 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

4 часа ago