Саха сирэ Этнографическай дьыктааны суруйуоҕа

Share

Саха сирэ “Улахан этнографическай дьыктааҥҥа” кыттыһыаҕа. Норуоттар култуураларын билиини тургутар дьыктаан сэтинньи 3-8 күннэригэр ыытыллар.

Этнографическай дьыктаан сэттис төгүлүн ыытыллар, биһиги дойдубутугар олорор норуоттар историяларыгар, култуураларыгар, үгэстэригэр болҕомтону тардар сыаллаах. Бу маннык билии-көрүү Арассыыйаҕа  норуоттар сомоҕолоһууларыгар, бииргэ өйдөһөн-өйөһөн олороллоругар, эйэлээх буолалларыгар көмөлөһөрө саарбаҕа суох.

Быйыл дьыктаан 2 сорудахтаах: сорудахтары 16 саастарыгар диэри уонна 16-тан үөһэ саастаахтарга диэн араардылар. Биир сорудах 30 ыйытыылаах: 20 – уопсай, 10 – тустаах эрэгийиэҥҥэ сыһыаннаах.

Дьокуускайга Этнографическай дьыктааны маннык аадырыстарга суруйуохха сөп:

— сэтинньи 3 күнүгэр 4 чаастан — М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Кылаабынай үөрэнэр куорпуһугар, Устудьуоннар көҕүлээһиннэрин киинигэр (Кулаковскай уул. 42-с дьиэтэ);

— сэтинньи 3 күнүгэр 4 чаастан — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр (Поярков уул., 4-с дь.);

— сэтинньи 5 күнүгэр сарысарда 11 чаастан – Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ Историческай саалаҕа уонна кыраайы үөрэтэр литература саалатыгар (Ленин пр., 40-с дьиэтэ);

— сэтинньи 5 күнүгэр күнүс 3 чаастан – «Smart» бибилэтиэкэҕэ (203-с түөлбэ).

Ону тэҥэ, сэтинньи 3-8 күннэригэр  www.miretno.ru саайтка киирэн, онлайн-көрүҥүнэн хоруйдуохха эмиэ сөп. Муҥутуур баал – 100, бэриллэр бириэмэтэ – 45 мүнүүтэ. Сөптөөх эппиэттэр бу саайтка сэтинньи 11 күнүгэр тахсыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

6 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

10 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

45 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago