“Саха сирэ” хаһыат бүгүн – олус интэриэһинэй!

“Саха сирэ” хаһыат бүгүн – олус интэриэһинэй!

23.11.2023, 10:00
Бөлөххө киир:

“Табаҕа турбут ыарыыны утары быһыы (вакцинация) оҥоруу ирдэнэр. Хотоҥҥо турар сүөһүгэ быһыы оҥорордооҕор, тайҕаҕа хаама сылдьар тыһыынчанан үөргэ быһыыны туруоруу уустук буолар туруктаах.

Онон, түгэнинэн туһанан, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) саҥа талыллыбыт дьокутааттара Арктика улуустарыгар туспа Бэтэринээрийэ управлениета баар буолуутугар суолта биэрэн, быһааралларын туруорсабыт. Бу сүрдээх стратегическай боппуруос” – диэн суруйар  “Арктика улууһун аайы управление баара буоллар” диэн  сытыы матырыйаалыгар суруналыыс Женни Стрюкова.  Ил Түмэн дьокутааттара хайаан да бу ыстатыйаны ааҕалларыгар уонна болҕомтоҕо ылалларыгар эрэнэбит.

“Бу күннэргэ социальнай ситимнэр олох оргуйан олороллор. Кэпсэтии тиэмэтэ биир – Дьокуускай куорат уулуссаларын аатын уларытыы. Тустаах тиэмэ, түгэн көһүннэр эрэ, кэмиттэн-кэмигэр күөрэйэн тахса турар» диэн суруйар Людмила Попова. Суруналыыс “Уулуссалар ылбычча ааттамматтар” диэн киһи болҕомтотун тардар уонна толкуйдатар матырыйаалын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Олох соторутааҕыта Дьокуускайга 100 сабыс-саҥа оптуобус кэллэ диэбиттэрэ. Олору мин биир бэйэм дэҥҥэ көрөбүн. Баҕар, атын маршрукка элбэхтэрэ буолуо. Арай биирдэ оннук саҥа, 7 нүөмэр- дээх оптуобуска олордум, «Абырал» диэки бараары. Дьэ, кырдьык, үтүө  тырааныспар дии санаатым! Тоҕо?”. Хаһыаппыт ааҕааччыта тоҕо саҥа оптуобуһу хайҕаабытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ. Мин биир бэйэм хоруйун ааҕан баран, ити саҥа көлөнөн хайаан да айанныырга быһаарынным.

“Охсор чаһыы дуораана” дыраама-кэмиэдьийэҕэ олус элбэх ыйытыы турда… Ол эрээри, онно харда аҕыйах. Тыйаатырга кэлбит киһи саҥа испэктээги көрөн баран, ону умнан кэбиспэккэ, толкуйга түстүн диэн санааттан эбитэ дуу, дыраама-кэмиэдьийэ түмүгэ аһаҕас хаалла. Бу туһунан суруналыыс Надежда Егорова ырытыытын ааҕыҥ.

Бу күннэргэ  Женни Стрюкова “баанньыктааххыт дуо?” диэн улуустарга эрийэн ыйытан, билэр-билбэт дьонун  соһутта быһыылаах. Тоҕо суруналыыс чуолаан баанньыгы сураста? Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка с ырытыы матырыйаалтан билиэххит.

Кэнники кэмҥэ ыччат дьон, бэл, оҕолор электроннай табаҕы тарда сылдьалларын көрөбүт. Аһаҕастык, кимтэн да кистээбэккэ, уулуссаҕа баран иһэн, оннооҕор дьиэ иһигэр тардаллар. Бэл, уончалаах оҕо былаһааккаҕа тардан бусхата олорорун көрбүтүм. Ыччакка вейп муода буолла. Кинилэр “Вейп табах буолбатах, буортута суох” дии саныыллар. Дьэ, бу хайдаҕый? Ыччаттарбытыгар куттал биир бу өрүтэ суоһаабытын туһунан сиһилии суруналыыс Ангелина Васильева матырыйаалын ааҕыҥ.

Араас омук куукунатын быыстапкатыгар мин болҕомтобун төлөпүөнүн туппутунан сылдьан, кимиэхэ эрэ араас омуктар астарын көрдөрө-көрдөрө кэпсиир эдэркээн кыыс тарта. Сотору буолаат,  дириҥ ис хоһоонноох ураты түгэн буолла – Арменияттан эҕэрдэтэ тутуҥ, Саха сирин дьоно! Кыыс дьээдьэтэ армяннар оҕолорун “өрөбүллээҕи оскуолаларын” куйаар ситиминэн дойдутуттан Арменияттан үлэлэтэр, сүбэ-­ама биэрэр эбит. Уруккута армяннар түмсүүлэрин салайааччыта төлөпүөн нөҥүө “Сахам сирин олох умнубаппын” диэн туран, норуоттары сомоҕолуур Саха сиригэр истиҥ эҕэрдэтин ыытта. Бу туһунан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр араас омук ийэлэрин сомоҕолоһууларын туһунан матырыйаалбын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

«Жаннаҕа “пааспаргын илдьэ кэлээр” диэн эттим. Испэр кыыһым “бай, бу ханна ыҥырдаҕай!” диэн долгуйбутум сэрэйдим, — диэн Владислав кэпсиир. Салгыы Жанна кэпсэтиигэ кыттыһар: “Аны дьүөгэлэрим ыйыт да ыйыт буолаллар: “Уолуҥ туох диэтэй? Ханна барар буоллугут?” “Ээ пааспардаах кэлээр диэн буолла” диэбиппэр, “хайа, уол оҕото, тута ЗАГСаҕа илдьэ бараары гыннаҕа дуу…” дии түстүлэр. Көрүстүбүт. Дьэ, айаннаатыбыт. Аны туран, мин соһуччу түгэҥҥэ (сюрприз) ураты сыһыаннаахпын. Хайаан да өрүү бэлэмнээх буолуохтааҕым курдук саныыбын. “Ханна бардыбыт?” диэ да диэ буоллум. Испэр “аны ханна эрэ киһи үөйбэтэх сиригэр халытан кэбиһиэҕэ“ дии саныыбын.  “Чэпчэтэн, ырааҕынан халытан да буоллун, ханна тиийэрбитин эт” диибин. Киһим хоруйа маннык буолла: “Эр дьон онно тиийдэҕинэ сынньанар…”  Арай биирдэ өйдөөбүтүм – Труд уулуссатынан баран иһэр эбиппит. Көрдөхпүнэ, “Гавайи” чугаһаан иһэр. Сауна!..” – ити курдук соторутааҕыта Москваҕа ВДНХ-ҕа ыал буолбут Федоровтар пааспардана-пааспардана дьэ ханна тиийбиттэрин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

“Суол кытыытыгар тахсар сымнаҕас майгылаах кыыл элбээтэ. Дьиҥэр, бу киһини дьиксиннэриэхтээх. Ол эбэтэр тыа кыыла куттаммакка дьоҥҥо чугаһыыра ииримтийии ыарыы биир сүрүн сибикитинэн буолар. Иирбит кыыл хайдах быһыыланара биллибэт, бу эккэлии туран эмискэ саба түһүөн сөп. Ыарыылаах кыыл саба түһүүтэ ынырык – бэйэтин хонтуруолламмат, куота сатаабат, тииһэ тостуор диэри күүскэ ытырар. Суол кытыытыгар сылдьар кыылы көрдөххө, саамай сөптөөҕө – тыытыма, тохтоомо, массыынаны арыйыма!” диэн суруйар суруналыыс Егор Карпов “Дьиикэй кыылтан сэрэниэххэ…” матырыйаалыгар. Бу олус туһалаах сүбэлэрдээх ыстатыйаны хайаан да ааҕыҥ, тускутугар туһаныҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: