«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллаах үлэтин түмүгүн отчуоттара буола тураллар.
Биллэн турар, бу маннык суолталаах тэрээһиннэри суруналыыстар сырдатар буолан, отчуоттуур бөлөхтөрү кытта бииргэ айанныы сылдьаллар. «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара ситэриилээх былаас оробуочай дэлэгээссийэлэригэр састааптарыгар киирсэн, бу күннэргэ үлэлэрин үгэнэ. Отчуоту сырдатыыны быйыл Сайаана Львова Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэригэр сылдьан, суруналыыстартан бастакынан саҕалаата. Бу улуус олохтоохторо туох боппуруостары туруорсубуттарын бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.
“Биһиги сүрүн сорукпутунан саҥа дьиэбитин кырасыабай эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэбитигэр саамай инники иһэр, үрдүк технологиялаах киининэн оҥоруу буолар. Эмтэнээччилэрбит дьиэ-уот киэҥиттэн уонна үрдүк технологиянан сэбилэммититтэн үөрэллэриттэн биһиги эмиэ олус долгуйабыт. Кырдьыга да, Кииммит олус улахан, 500-тэн тахса мэдиссиинэ тиэхиньикэлэннибит, онон түһүмэҕинэн көһүөхпүт”, – диэн онкология киинин сүрүн бырааһа Татьяна Николаева суинники былааннарын үллэстибитин суруналыыс Надежда Егорова билиһиннэрдэ. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
«Нуучча тыллаах тиийбэтэх, дьиэ иһигэр нууччалыы тыл иһиллибэтэх да сирдэригэр оҕолорбут көрдөрөн туран нууччалыы тылланнылар. Куйаар ситимэ, төлөпүөн, ютуб дьайыыта буолар. Төрөппүттэр төлөпүөнү букатын үүнэ-тэһиинэ суох оҕоҕо туттаран кэбистилэр. Дьиҥэр, итини быһаарарга талар суол баар эбээт» диэн суруналыыс Людмила Попова «Оҕоҕут кынатын сарбыйымаҥ» матырыйаалыгар ким туох сүбэни биэрбитин ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
«Кэргэнниилэр иккиэн бастакы оҕолорун төрөтөр кэмнэригэр 35 саастарын ааһа илик Арассыыйа олохтоохторо буолуохтаахтар. Ону тэҥэ Саха сирин сиригэр-уотугар олороллоро ирдэнэр. Төлөбүрү кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ ылар. Өскөтүн, дьиэ кэргэҥҥэ бастакынан икки, эбэтэр онтон элбэх ахсааннаах игирэлэр биир кэмҥэ төрөөтөхтөрүнэ, төлөбүр хас биирдии оҕоҕо көрүллэр. Сайаапканы судаарыстыбаннай өҥө эрэгийиэннээҕи порталын нөҥүө биэриэххэ сөп эбит буоллаҕына, билигин Биир кэлим порталга киирэн, толорон ыытыллар» — бу туох-ханнык социальнай көмөнү сиһилии быһаарыыны бүгүҥҥү хаһыат билиһиннэриэҕэ.
«Син сэнэх таҥастаах алта уончалаах аҕамсыйбыт эр киһи тушенкалаах ирииһи сойон хаалыа диэбиттии өрүһүспүттүү сиирин көрөн аһына санаатым. Ким эрэ аҕата, эһээтэ, баҕар, кэргэнэ буолуо. Үрдүттэн ылан дьүүллүү саныыр уустук. Дьон араас дьылҕалаах. Чугаһаан кэпсэппиппэр, бэрт судургутук кэпсэтэн барда: «Мин былырыыҥҥыттан маннык ускул-тэскил баран хааллым. Кэргэним иллэрээ сыл өлбүтэ. Оҕолор улаатан миэхэ наадыйбаттар, туспа ыал дьон. Сүөһүлээх-астаах эрдэхпинэ, син оттоһо кэлэллэрэ. Кэлин сааһыраммын сатаан үлэни кыайбат буолбутум. Киһи хоно кэллэҕинэ сөбүлээбэтэх курдук туттааччылар. Аны билигин иһэн-аһаан уһаан хааллым. Дьиҥэ, арыгыбын эмтэтэн дойдубар төннүөхпүн баҕарабын» — бу сытыы тиэмэҕэ хорутуулаахтык суруйар суруналыыс Ульяна Захарова «Иһээччи буолан төрөөбөттөр…» диэн матырыйаалын холобурдаатым. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Дьокуускай куоракка миграция боппуруостарынан 135 тастан киирбит дону бэрэбиэркэлээтилэр. Оттон полиция отделыгар кимэ-туга биллибэт 45 омук киһитин уонна 5 Арассыыйа дьонун илдьибиттэр. Ол курдук, эриэйдэ түмүгүнэн 8 омук киһитэ булуллубут. Түөрт киһи Арассыыйаҕа сылдьыы эрэсиимин кэспит, 1 – көҥүлэ суох сылдьара, үс киһиэхэ Арассыыйаҕа киирэллэрин тохтотор туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Сокуону кэһээччи 5 киһи административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт, 3 киһи утаарыллар туһунан иһитиннэрии туппут, 5 киһи байаҥкамаакка ыҥырыллыбыт. Бу курдук миграннар тустарынан суруйууну бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.
Бу 2024 сыл хасыйаан сыл, 1941 сылга маарынныыр бэс ыйа иһэр. Ааспыт ахсынньы 1 күнүгэр халлаан умайбытын өйдүүр инигит. Маннык умайыы мээнэҕэ буолбат. Сир хамсааһына, булкааннар эстиилэрэ элбиэн сөп. Америкаҕа муора, акыйаан үллүүтэ үгүс куораты ууга ыытыа. Сэриини күөртүүр аньыылара айылҕа алдьархайынан боруостаныаҕа Бу курдук ким быйылгы сайыны билгэлээбитин «Сааспыт, сайыммыт хайдах буолуой?» матырыйаалга ааҕыҥ.
«Мин үлэлиир биэнсийэлээхпин уонна 4 чааска арааран төлөбүрэ суох (без содержания) уоппусканы 14 халандаарынай күнү ылыахпын баҕарабын. Тэрилтэм маннык уоппусканы биэрэри аккаастыан сөп дуо?» — бу курдук уонна да атын боппуруостарга тустаах хоруйдар бүгүҥҥү «Саха сирэ» хаһыакка дьон сөбүлээн ааҕар «Ыйыт-эппиэтиибит» рубрикатыгар хото таҕыстылар. Матырыйаалы бэчээккэ бэлэмнээтэ суруналыыс Женни Стрюкова.
«Прогерия» диэн ыарыы бэрт дьикти көрүҥэ баар эбит. Бу маннык ыарыылаах төрөөбүт оҕолор бодолорунан олус өр олорбут эмээхситтэргэ, оҕонньотторго майгынныылар. Мыччыстаҕас, чап-чараас тирии, ханан да сыа сыстыбатах хачаайы эт-сиин, сытыырхайан хаалбыт мурун – бары олус майгыннаһар сирэйдээхтэр. Ол эрээри, өй-санаа өттүгэр прогериялаах оҕолор сөптөөхтүк сайдаллар, сорох дьон этэринэн, орто киһини баһыйар таһымнаахтар. Салгыытын сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ. Матырыйаалы бэчээккэ бэлэмнээтэ суруналыыс Егор Карпов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: