Салгыы
«Саха сирэ» хаһыат бырааһынньыктааҕы нүөмэрэ — чаҕылхай!

«Саха сирэ» хаһыат бырааһынньыктааҕы нүөмэрэ — чаҕылхай!

08.03.2024, 13:55
Бөлөххө киир:

 Сааскы сырдык күн салгынныын ыраас, киһини кэрэҕэ, сырдыкка угуйар алыптаах.

Саҥа дьылга тэҥниир бырааһынньыкпыт — Дьахтар күнэ чаҕылхай сырдык күнү бэлэхтээбитинэн тиийэн кэллэ. Бу күн дьахтар дууһатыгар  сырдык санаа саҕыллар, тыл мааныта, баҕа санаа бастыҥа киниэхэ эрэ ананар. Тугу сатаабатаҕай дьахтар аймах? Туохха барытыгар толлон турбакка ылсар, кыайар-хотор айылгылаах айылҕаттан айыллан кэлбит ураты киһи буоллаҕа. Саха сирин далбар хотуттарын уҕараабат дьоҕурдара өрөспүүбүлүкэ олоҕун бары эйгэтигэр чаҕылхайдык көстөр. Дьахтар баһылаабатах идэтэ диэн суох. Бүгүн “Саха сирэ” хаһыат суруналыыстара ылбычча киһи ылсыбат дьарыктаах хорсун санаалаах дьахталларын: булчуту, ат сүүрдээччини, таксыыһы, табаһыты булан кэпсэппиттэрин бүгүҥҥү бырааһынньыктааҕы хаһыаттан билиэххит.

Хас биирдии кыыс, дьахтар ийэ буолар үрдүк аналлаах. Ол иһин судаарыстыба ийэни бары өттүнэн өйүүр. Аан дойду дьахталларын күнүгэр ийэни өйүүр социальнай көмө туһунан суруналыыс Ангелина Васильева бэлэмнээбит матырыйаалын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Бу  күннэргэ Тымныы полюһугар аатырбыт Куйдуһун муостатын “СтройМост” ХЭУо тутар. Быйыл тэриллибитэ 20 сылын бэлиэтиир тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн судаарыстыбаннай сакааһынан уопсайа 30 муостаны уонна турба конструкциятын оҥордо. Өймөкөөҥҥө саҥаттан тутуллар муоста туһунан “СтройМост” тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Титовы кытта кэпсэтиибин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Билиҥҥитэ саамай үчүгэй ньыманы Дьокуускай уонна Ленскэй куораттар толкуйдаабыттар. Холобур, ленскэйдэр оскуола аһылыгын кэмбинээтин арыйбыттар. Хас даҕаны оскуола үбүнэн кыттыһан, олохтоох оҥорон таһаарааччылартан элбэх аһылыгы сакаастаан ылаллар эбит. Инньэ гынан, “Батамайское” кэпэрэтиип оҕолорго сөптөөх, кыра иһиттэрдээх бородууксуйаны оҥорон таһаарар. Бурдук аһылыгы бэйэлэрэ бэлэмнииллэр, эти, оҕуруот аһылыгын олохтоох оҥорон таһаарааччылартан кууһунан атыылаһаллар. Уонна бэлэм аһылыктары күннээҕинэн остолобуойдарга тарҕаталлар, асчыттар биир менюнан астыыллар. Ити уопуту Арассыыйа таһымыгар ааспыт мунньахтарга эмиэ билиһиннэрдибит” — бу үөрэх уонна билим миниистирэ Ньургууна Соколова суруналыыс Людмила Попованы кытта кэпсэппититтэн холобурдаатым. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Урбаан уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрэ бииргэ үлэлэһэн, лабораторнай чинчийиилэрин түмүгүнэн, «ИП Борисов» быырпаҕа 5% испиирдээҕэ быһаарылынна. Бу быырпаҕы бобор туһунан этиини өрөспүүбүлүкэ социальнай ситимнэригэр утарсааччы да, өйөөччү да элбэх. Ынах үүтүн аһытан көөнньөрөн оҥоһуллубут утах — ынах үүтүн кымыһа,  сахаларга биэ үүтүнээҕэр дэлэгэй буолан, бэркэ тарҕаммыт быырпах бүгүҥҥү дьылҕатын туһунан суруналыыс Василий Прокопьев ырытыытын ааҕыҥ.

Кырыалаах кыһын саха дьахтарын сирэйин тириитигэр эрэ буолбакка, баттаҕар, тыҥыраҕар эмиэ дьайар. Түүлээх, халыҥ бэргэһэ иһигэр киһи куйахата тыыммат, тирии курдук кини эмиэ хатар, битэмииҥҥэ наадыйар. Хаарыаннаах суһуохпутун хайдах өрүһүйэбит? Баттах мөлтөөһүнүн ис төрүөтэ куйахаҕа сытар. Билигин ханнык өҥөнү хото туһанар буоллулар? Дьахтар тымырыттан ылыллыбыт хааны плазма оҥорон куйахаҕа укуоллууллар эбит. Бу дьикти ньыма туһунан суруналыыс Ульяна Захарова “Сүбэ” рубрикаҕа суруйуутун ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Арай, 1989 сылтан ыла ыытыллыбыт кэрэ кыргыттар күрэстэрин кыайыылаахтарын, кыттааччыларын барыларын биир сыанаҕа түмтэххэ, хайдах буолуо этэй? Өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы “Туйаарыма Куо-1991” кыайыылааҕа Ирина Федорова бу курдук баҕа санаалаах этэ. Ол ыра санаатын олоххо киллэрэн, “Нарыммын-наскылбын” диэн бэстибээли тэрийэн эрэр. Бу суруналыыс Ангелина Васильева кэрэхсэбиллээх матырыйаала үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

Ханнык сибэкки Саха сиригэр саас кэлэн эрэрин туоһута буоларый? Суох, таайбатыгыт. Ньургуһун харалдьыкка бытыгырыан иннинэ… тюльпан сибэкки кулун тутар 8 күнүгэр саха үгүс ыалын дьиэтигэр тэтэрэр. Дьахталлар аан дойдутааҕы бырааһынньыктарыгар, кулун тутар саҥатыгар, ыраах соҕуруу дойдулартан сүүһүнэн тыһыынча истиэп кэрэчээн киэргэлэ биһиги тымныы дойдубутугар тиэйиллэн кэлэр. “Бастаан дьон бөлчөхтөрө быһыллыбатах, тыыннаах сибэккилэрбитин атыҥыраабыттара, быһан биэрэрбитин көрдөһөллөрө. Билигин маннык сибэкки быдан өр турарын өйдөөн, төттөрүтүн, силиһэ быһыллыбатах сибэккилэри көрдөөн туран ылаллар” диэн бүгүн үгүспүт дьиэтин киэргэтэр тюльпаннары үүннэрэр  Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо Вячеслав уонна Надежда Санниковтар үлэлэрин туһунан суруналыыс Егор Карпов матырыйаалын ааҕыҥ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: