Саха сирэ Кировскай куоракка эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэр

Share

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ баар тирэх пууҥҥа иһитиннэрбиттэринэн, быйыл Саха сирин исписэлиистэрэ 28 эбийиэги өрөмүөннээтилэр.

«Ааспыт сыл балаҕан ыйыгар Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрин састаабыгар киирбит куораттары уонна сэлиэнньэлэри чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ, биһиги байыастарбытыгар уонна кинилэр аймахтарыгар көмөбүт курдук, дьоһун суолталаах соругунан буолар. Бу соругу көдьүүстээхтик толорууттан саҥа сирдэр сайдыылара, олохтоохтор нус-хас олохторо тутулуктаах”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ этэн турар.

Саха сирэ Кировскайы кыстыкка киирэргэ бэлэмниир, куоракка 6 уулуссаҕа тас уот ситимнэрин тутан бүтэрдэ, куорат балыыһатын куорпустарын хоруобуйатын, Шахтерскай уулуссаҕа кыбартаал иһигэр киирэр сирдэри уонна МФЦ дьиэтин  өрөмүөннээтэ. Балаҕан ыйыгар Албан аат аллеятын уонна “Кыайыы” култуура, сынньалаҥ пааркатын тупсарыыны түмүктээһин былааннанар. Ону таһынан куорат пааркатын тупсарыыга бырайыактыыр-смета докумуона оҥоһулунна.

Саха сирин дьоно 2 №-дээх оскуоланы тупсаран, Кировскай куорат 1 №-дээх оскуолатын чөлүгэр түһэрэн бүтэрэн эрэллэр.

Саха сирэ куорат коммунальнай сулууспаларыгар анал тиэхиньикэни, куорат балыыһатыгар “Газель” массыынаны атыыласта. Бу күннэргэ оҕо 4 уһуйаанын, Айар талааннаахтар дьиэлэрин уонна Култуура-сынньанар киини өрөмүөннээһиҥҥэ  бырайыактыыр-смета докумуонун бэлэмнииллэр. Кировскай куораты тупсарарга, саҥардарга генеральнай былаан оҥоһуллар.

Санатан эттэххэ, 2022 сылга Саха сирэ Кировскай куоракка  31 эбийиэги чөлүгэр түһэрбитэ. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  сорудаҕынан Уһук Илин бары эрэгийиэннэрэ 8 босхоломмут сири-уоту чөлүгэр түһэрэргэ үлэлииллэр. Былырыын 300-чэ эбийиэги чөлүгэр түһэрбиттэрэ, быйыл 198 эбийиэккэ өрөмүөн үлэтэ бара турар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

3 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

3 часа ago