Саха сирэ уонна Росморречфлот бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин түһэристилэр
СӨ бырабыыталыстыбата уонна Росморречфлот уунан дьону таһыыны сайыннарыыга үлэлэһии туһунан сөбүлэҥ түһэристилэр. Ол иһигэр Өлүөнэ өрүһүнэн устуу киллэриллибит.
Ону таһынан Аллараа Бэстээххэ логистическай мультимодальнай киини тэрийиигэ үлэлэһии туһунан дуогабардаспыттар.
Бөһүөлэккэ порт инфраструктуратын сайыннарыы туһунан быһаарыстылар.
«Аллараа Бэстээххэ мультимодальнай логистическай киин тимир суолу, уу суолун ситимниэҕэ. Таһаҕас тиэйиитэ судургутуйуо. Бу тиэйиллэр таһаҕас хаачыстыбатыгар уонна сыанатыгар дьайыаҕа. Инникитин Хотугу муоратааҕы суолга тахсыы баар буолуоҕа. Ол курдук федеральнай бүддьүөттэн Дьокуускайтан Сангаарга, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Эдьигээҥҥэ уонна Аллараа Бэстээххэ диэри дьону илдьии-аҕалыы айана субсидияланыыта былааннанар», — диэн Кирилл Бычков иһитиннэрдэ.
«Транспорт России» диэн Норуоттар икки ардыларынааҕы ХVIII пуорум быыстапка чэрчитинэн дуогабар түһэристилэр .
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: