Саха сиригэр — 1 мөлүйүөн киһи!

Саха сиригэр — 1 мөлүйүөн киһи!

Ааптар:
24.06.2023, 13:06
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр киһи ахсаана 1 мөлүйүөҥҥэ тиийдэ. Бэҕэһээ Мирнэйгэ Гаврил уонна Арина Ануфриевтар дьиэ кэргэннэригэр кыыс оҕо төрөөтө. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ. 

«Бэс ыйын 23 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 нүөмэрдээх балыыһаҕа 4100 гр. ыйааһыннаах , 56 см уһуннаах кыыс оҕо төрөөтө. Кини Мирнэйтэн Гаврил уонна Арина Ануфриевтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон күн сирин көрдө. Бу эдэр ыалга эрэ буолбакка, бүтүн Саха сиригэр эмиэ улахан суолталаах түгэн буолар. Ис дууһабыттан эҕэрдэлиибин! Оҕо доруобай уонна дьоллоох буолун!», — диэн Айсен Николаев суруйда.

Бары сонуннар
Салгыы
3 июля
  • 16°C
  • Ощущается: 16°Влажность: 82% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: