Андрей Сорокин хаартыската, ЯСИА архыыбыттан.
Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр 531 га иэннээх 11 ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба иһитиннэрэр.
От ыйын 1 күнүгэр сарсыарда уопсайа 39 757,4 га иэннээх 63 ойуур баһаара баар.
Билигин барыта 5 522,4 га иэннээх 22 ойуур баһаарын уон оройуоҥҥа умуруораллар. Ол курдук, Алдаҥҥа — 3, Бүлүүгэ — 2, Үөһээ Халымаҕа — 1, Мэҥэ Хаҥаласка — 1, Өймөкөөҥҥө — 5, Өлүөхүмэҕэ — 3, Сунтаарга — 1, Тааттаҕа — 1, Уус Алдаҥҥа — 1, Уус Маайаҕа — 4.
Ону таһынан 458 га иэннээх ландшафтнай баһаар баара бэлиэтэнэр.
Уоту утары охсуһууга 502 киһи уонна 18 тиэхиньикэ үлэлииллэр.
Абыйга, Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ, Мииринэйгэ, Эбээн Бытантайга баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ турар.
Уус Маайаҕа ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ ылынна.
Балаҕан ыйын 18-21 күннэригэр Дьокуускайга Преображенскай собуорга Сибэтиэй Боҕоруодьусса курун сорҕото аҕалыллан, дьоҥҥо көрдөрүүгэ туруоҕа.…
Бүгүн сарсыарда саайпытыгар Дьокуускай куоракка Сайсары күөлгэ 2000 с.т. эр киһи тимирбитин туһунан иһитиннэрбиппит. Күөл…
Балаҕан ыйын 26-28 күннэригэр Саха сиригэр аан бастаан Бүтүн Арассыыйатааҕы үҥкүү спордун күрэхтэһиитэ буолуоҕа, онно…
2025 сылга Саха сиригэр биэс муоста тутуллан бүтэрэ былааннанар. Бу туһунан тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын…
Өлүөхүмэ куорат баһылыга Сергей Щебляков бэйэтэ баҕа өттүнэн астаапкаҕа барда. Бу туһунан "Өлүөхүмэ" оройуоннааҕы хаһыат …
Ыйытыы: РФ Үлэ кодексын 128 ыстатыйатынан көрүллүбүт, хамнаһа суох уоппуска хайдах бэриллэрий? Үлэни биэрээччи үлэһит…