Саха сиригэр 186 тиэргэн саҥалыы тыыннанна
Ил Дархан Айсен Николаев бастакы Анал этиитигэр хас биирдии нэһилиэнньэлээх пуун киһи олороругар, үлэлииригэр табыгастаах буолуохтаах диэн иһитиннэрбитэ. Бу үлэ чэрчитинэн Саха сирин куораттарыгар, улуустарыгар уулуссалар, пааркалар, сквердэр, оҕо оонньуур былаһааккалара саҥардылла, оҥоһулла тураллар.
Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥорууга Саха сирэ хас да сиринэн үлэни ыытар. Ол иһигэр федеральнай бырагыраамаларга кыттан үбүлээһин көрүллэрин ситиһэр. Холобур, “Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ 1000 тиэргэни” диэн бырагырааманан Саха сиригэр барыта 186 уопсастыбаннай сир оҥоһуллуохтаах. Санатан эттэххэ, бу бырагыраама Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум олоххо киирбит биир улахан бырайыага буолар. Бырагыраама биир уратытынан бырайыагы оҥорууга олохтоохтор бэйэлэрэ кытталлар. Онон аҥаардас былаһаакка, сквер эрэ буолбакка дьиэ таһынааҕы суоллар аспаалланаллар, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон сылдьарыгар табыгастаах суол-иис оҥоһуллар. Бырагыраама былырыыҥҥыттан саҕалаан үлэлиир. Былырыын бу үлэ чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэбитигэр 37 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 124 тиэргэн оҥоһуллубута. Быйыл өссө 26 муниципальнай тэриллиигэ 62 бырайыак олоххо киириэхтээх. Ол иһигэр Дьокуускайга 39 аадырыска үлэ бара турар. Бу соторутааҕыта Алдаҥҥа икки уулуссаҕа оҕо ооонньуур анал былаһааккалаах тиэргэннэр оҥоһуллубуттара.
Итини таһынан Саха сирэ “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа ыытар “Куорат эйгэтэ” диэн бырайыагар кыттар. Быйыл бу хайысханан 14 оройуоҥҥа 21 эбийиэк олоххо киириэхтээх. Ол иһигэр пааркалар, сквердэр, уулуссалар саҥардылыннылар. Былырыын маннык үлэ 11 улууска барбыта.
Бу кэлиҥҥи биэс сылы ылан көрдөххө, Мирнэй, Дьокуускай куораттар биллэ тубустулар. Арассыыйа уопсастыбаннай палаататын куорат тас көстүүтүн, инфраструктуратын оҥорууга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Максимов бэлиэтээн эппитинэн, өрөспүүбүлүкэбит киинэ тас көстүүлүүн уларыйан эрэр, куорат киинигэр Талай күөл тулата оҥоһуллубута, тиэргэннэргэ оҕо былаһааккалара турбуттара, амфитеатр, дьиэлэр истиэнэлэрэ араас уруһуйунан киэргэтиллибитэ харахха быраҕыллар. “Билигин аны куорат биир истиилинэн ситимнээхтик сайдарын ситиһиэххэ наада, норуот култууратын көрдөрөр бырайыактар наадалар. Ол иһигэр аҥаардас былаһааккалары, сквердэри эрэ тутуунан муҥурдаммакка, дьиэлэр тас көстүүлэрин эмиэ көрүөххэ”, — диэн бэлиэтиир кини.
Манна даҕатан эттэххэ, аҕыйах сылтан бэттэх куораттар маастар-былааннарын оҥоруу киэҥник бара турар. Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Нерюнгри уонна Дьокуускай куораттар былааннара оҥоһуллан турар. Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай куорат маастар-былаанын оҥорууга улахан куонкуруһу биллэрэн, билигин бу үлэ биир ситимнээхтик бара турар. Балаҕан ыйыгар Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын маастар-былаанын Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа көмүскээбитэ. Бу икки куоракка барыта 3,3 млрд солкуобай көрүллүбүтэ. Онон Нерюнгри уонна Дьокуускай атын нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥорууга үтүө уопут буолуохтаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: