Саха сиригэр 31 дьахтар «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыт

Share

Саха сиригэр «Дьоруой Ийэ» бэлиэни 2017 сылтан биэрэр буолбуттара. Бу кэмтэн ыла 31 дьахтар «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 

«Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн 10-тан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит уонна Саха сиригэр 15 сылтан аҕыйаҕа суох сыл олорбут ийэлэр наҕараадаланаллар. Кыра оҕото 1 сааһын туолбут, бары оҕолоро 2000 сыл кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаахтар. Наҕараадаҕа эбии 1 мөлүйүөн солкуобайдаах бириэмийэ бэриллэр.

Маны тэҥэ, оҕону иитиигэ уһулуччу үтүөлээх ийэлэргэ «Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэ (100 тыһыынча солкуобай бириэмийэлээх), «Ийэ Албан аата» I, II, III  истиэпэннээх бэлиэ бэриллэр.

«Ийэ Албан аата» бэлиэни кытта, истиэпэниттэн көрөн, 100-300 тыһыынча солкуобай бириэмийэлээх, бу бэлиэнэн 7-9 оҕолоох ийэлэр наҕараадаланаллар. Манна күнүскү үөрэххэ үөрэнэ сылдьар, 23 саастарын туола илик, ону тэҥэ, сокуонунан иитиэх оҕолоро уонна байыаннай иэстэрин толоро сылдьан, киһи олоҕун быыһыы сылдьан өлбүт оҕолоро эмиэ учуоттаналлар.

Уһук Илиҥҥэ саамай үгүс ахсааннаах элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр Саха сиригэр бааллар. Төрөөһүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ 1-кы миэстэни, Арассыыйаҕа 7-с миэстэни  ылар. Кэнники 5 сылга ийэ буолууну, оҕо аймаҕы өйөөһүҥҥэ үбүлээһин кээмэйэ 5 төгүл үрдээтэ.

 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Дириҥ агро-оскуолатыгар сэргэх көрсүһүү

Бэҕэһээ, олунньу 10 күнүгэр, Чурапчы улууһугар И. Е. Федосеев - Доосо аатынан Дириҥ орто агро-оскуолатыгар…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Василий Егоровка «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэни туттардылар

Боксаҕа Арассыыйа үтүөлээх маастара, Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа, аан дойду чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс призера Василий Егоров…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куоракка 63 кылааска үөрэх тохтоон турар

Дьокуускай куораттааҕы үөрэх управлениета иһитиннэрбитинэн, олунньу 11 күнүнээҕи туругунан, 20 үөрэх тэрилтэтигэр ОРВИнан сибээстээн быстах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Клярга «сууламмыт» балык

Ханнык баҕарар балыгы буһарыах иннинэ маринадка туруордахха, олус минньигэс буолар.  Оттон ону эбии пиибэлээх клярга…

2 часа ago
  • Култуура сыла
  • Сонуннар

Дьон санаатын көтөҕөр, үөрдэр-көтүтэр кинигэлэр таҕыстылар

Суруйааччы Константин Эверстов кылгас кэм иһигэр икки саҥа кинигэтэ таҕыста. Ол курдук, ааспыт сыл ахсынньытыгар…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха конструктордара оҥорбут сеткомёттарын байыаннайдар үрдүктүк сыаналаатылар

Фронт кирбиитигэр саха конструктордара оҥорбут сеткомёттарын бэрэбиэркэлээн көрөн баран, байыаннайдар үрдүк сыананы биэрдилэр. Бу туһунан…

2 часа ago