Салгыы
Саха сиригэр 31 дьахтар «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыт

Саха сиригэр 31 дьахтар «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыт

28.03.2024, 16:28
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр «Дьоруой Ийэ» бэлиэни 2017 сылтан биэрэр буолбуттара. Бу кэмтэн ыла 31 дьахтар «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 

«Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн 10-тан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит уонна Саха сиригэр 15 сылтан аҕыйаҕа суох сыл олорбут ийэлэр наҕараадаланаллар. Кыра оҕото 1 сааһын туолбут, бары оҕолоро 2000 сыл кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаахтар. Наҕараадаҕа эбии 1 мөлүйүөн солкуобайдаах бириэмийэ бэриллэр.

Маны тэҥэ, оҕону иитиигэ уһулуччу үтүөлээх ийэлэргэ «Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэ (100 тыһыынча солкуобай бириэмийэлээх), «Ийэ Албан аата» I, II, III  истиэпэннээх бэлиэ бэриллэр.

«Ийэ Албан аата» бэлиэни кытта, истиэпэниттэн көрөн, 100-300 тыһыынча солкуобай бириэмийэлээх, бу бэлиэнэн 7-9 оҕолоох ийэлэр наҕараадаланаллар. Манна күнүскү үөрэххэ үөрэнэ сылдьар, 23 саастарын туола илик, ону тэҥэ, сокуонунан иитиэх оҕолоро уонна байыаннай иэстэрин толоро сылдьан, киһи олоҕун быыһыы сылдьан өлбүт оҕолоро эмиэ учуоттаналлар.

Уһук Илиҥҥэ саамай үгүс ахсааннаах элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр Саха сиригэр бааллар. Төрөөһүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ 1-кы миэстэни, Арассыыйаҕа 7-с миэстэни  ылар. Кэнники 5 сылга ийэ буолууну, оҕо аймаҕы өйөөһүҥҥэ үбүлээһин кээмэйэ 5 төгүл үрдээтэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 апреля
  • -1°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 43% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: