Саха сиригэр 328 тыһыынча туонна кэриҥэ оту бэлэмнээтилэр

Share

Атырдьах ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 328 573 туонна от оттонно, ол эбэтэр былаан 71%-на толорулунна.

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ ынах уонна сылгы кыстыырыгар уопсайа 459 307 туонна от оттонуохтаах. Бу көрдөрүү былырыыҥҥытааҕар 15%-нан элбэх. Итиэннэ 23 885 туонна сиилэһи бэлэмниэхтэрэ.

От хампаанньатын кэмигэр бүтэрэр туһугар оройуоннарга ыраах сытар оттуур сирдэргэ үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаабыттара. Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, бу үлэҕэ мобильнай биригээдэлэр тэриллибиттэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 172 маннык сир баар.

Атырдьах ыйын 10 күнүттэн оройуоннарга көҥүл оттооһуну биллэрбиттэрэ. Бырааба суох уонна туһаныллыбатах оттуур ходуһалары тыа хаһаайыстыбатын табаардарын оҥорон таһарааччыларга туттарарга мэктиэлииллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

Үөһээ Бүлүү булчуттара-балыксыттара байыаннай дьайыыга көмөлөрө уҕараабат

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга көхтөөхтүк көмөлөһөллөр. Нэдиэлэ аайы улуус булчуттара,…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Сунтаар олохтооҕо суоппар быраабын ылаары, бэрик биэрбит

2024 сыл бэс ыйыгар Сунтаар улууһун Арыылаах сэлиэнньэтин 19 саастаах олохтооҕо ирдэнэр эксээмэннэри туттарбакка эрэ,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ситиһии төрдө туохханый?

Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр  киһи сайдыытыгар ананар чинчийэр үлэ биир түһүмэҕэр  “Айылҕа…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Дьокуускай куорат 5-с №-дээх оскуолата байыаннай дьайыыга көмөлөһөр

Бүгүн Дьокуускай куорат Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с №-дээх оскуола дириэктэрэ Алексей Семенов, үлэһиттэрэ Лариса Артемьева…

7 часов ago
  • Сонуннар

Нам улууһун салалтата сааскы халааҥҥа бэлэмнэнэр

Нам улууһугар былырыын эмискэ халааннаан, үгүс нэһилиэккэ улахан хоромньуну аҕалбыта. Онон намнар быйыл эрдэттэн сэрэтэр…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Суут бириистэптэрэ кыһыл оҕо итирик дьону кытта сытарын булбуттар

Кулун тутар 12 күнүгэр Дьокуускайга суут бириистэбэ-толорооччу уонна алимены ирдииргэ дознаватель рейдэҕэ сылдьыбыттар. Кинилэр Красильников…

7 часов ago