Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.
Саха сиригэр элбэх о5олонуу — былыр-былыргыттан баар үгэс. Онтон билигин элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыба көмөтө элбэх буолан, өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ хас бэһис ыал элбэх оҕолоох. Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох ыал ахсаана эбиллэн иһэр. 2020 сылга 31 562 элбэх оҕолоох ыал баар эбит буоллаҕына, 2021 сылга — 32 899 ыал, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 34 230 ыал баара бэлиэтэммитэ. Кинилэр 118 778 оҕону иитэн, көрөн-истэн, бүөбэйдээн, улаатыннараллар.
Үс оҕолоох ыаллар ахсааннара — 23 290 дьиэ кэргэн, ол эбэтэр, Саха сирин элбэх оҕолоох ыалларын 68 %-ра буолар. Куораттарга уонна тыа сиригэр олорор элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара тэҥ.
Элбэх оҕолоох ыалларга аймахтаһыы, эһэлэри-эбэлэри кытта чугастык алтыһыы үгэскэ кубулуйар.
Хаартыскаҕа: Тааттан элбэх оҕолоох Игнатьевтар.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…