Саха сиригэр 3,5 тыһыыынча АДПИ туруордулар

Share

Саха сиригэр  2021 сылтан «Предупреди пожар – установи АДПИ!»  диэн социальнай аахсыйа ситиһиилээхтик ыытыллар.

Аахсыйа чэрчитинэн АДПИ (автономнай баһаартан сэрэтэр тэрили) тэрили, бастатан туран, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр, аҕам саастаахтар уонна социальнай категория гражданнара хааччыллаллар.

«2021 сылтан 2023 сылга диэри аахсыйаҕа 5084 ыал хабылынна, 6761 баһаарынай иһитиннэрии тэрилэ туруорулунна. Наадалаах аахсыйаҕа Саха сирин судаарыстыбаннай баһаартан сэрэхтээх буолуу сулууспатын 2364 үлэһитэ кыттыыны ылла. Аахсыйаны атын тэрилтэ үлэһиттэрэ, ол иһигэр олохтоох салайыныы уорганнарын баһылыктара эмиэ өйөөтүлэр. Социальнай аахсыйаҕа 897 атын тэрилтэ үлэһиттэрэ кытыннылар, 5229 ыал хабылынна, 6 931 иһитиннэрии тэрилэ ыйанна. Аахсыйа кэмигэр барыта 13692 аадырыска АДПИ туруорулунна», — диэн  Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай оборуонатын дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар миниистирэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрэр.

Итинник тэриллэр улахан быһылаан тахсыан иннинэ сэрэтэргэ көмөлөһөр. Бу тэрил буруо тахсар кэмигэр холбонор уонна улахан тыас-уус таһаарар, ол аата эрдэтинэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга быыһанар дьаһаллары ылынарга күһэйэр.

АДПИ тэриллэрэ номнуо хас да киһи олоҕун быыһаан, көдьүүстээҕин дакаастыыр. Тэрили туруорууга истиэнэҕэ баһаарынай сигнализация анал лииниьийэлэрин тардыы уонна эбии тэрили атыылаһыы наадата суох. Арай сылга биирдэ батареяны уларытыахха эрэ наада уонна датчик камератын пылесоһунан үрдэрэн ыраастыахха наада.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

9 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

10 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

10 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

11 часов ago