Саха сиригэр 3,5 тыһыыынча АДПИ туруордулар
Саха сиригэр 2021 сылтан «Предупреди пожар – установи АДПИ!» диэн социальнай аахсыйа ситиһиилээхтик ыытыллар.
Аахсыйа чэрчитинэн АДПИ (автономнай баһаартан сэрэтэр тэрили) тэрили, бастатан туран, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр, аҕам саастаахтар уонна социальнай категория гражданнара хааччыллаллар.
«2021 сылтан 2023 сылга диэри аахсыйаҕа 5084 ыал хабылынна, 6761 баһаарынай иһитиннэрии тэрилэ туруорулунна. Наадалаах аахсыйаҕа Саха сирин судаарыстыбаннай баһаартан сэрэхтээх буолуу сулууспатын 2364 үлэһитэ кыттыыны ылла. Аахсыйаны атын тэрилтэ үлэһиттэрэ, ол иһигэр олохтоох салайыныы уорганнарын баһылыктара эмиэ өйөөтүлэр. Социальнай аахсыйаҕа 897 атын тэрилтэ үлэһиттэрэ кытыннылар, 5229 ыал хабылынна, 6 931 иһитиннэрии тэрилэ ыйанна. Аахсыйа кэмигэр барыта 13692 аадырыска АДПИ туруорулунна», — диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай оборуонатын дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар миниистирэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрэр.
Итинник тэриллэр улахан быһылаан тахсыан иннинэ сэрэтэргэ көмөлөһөр. Бу тэрил буруо тахсар кэмигэр холбонор уонна улахан тыас-уус таһаарар, ол аата эрдэтинэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга быыһанар дьаһаллары ылынарга күһэйэр.
АДПИ тэриллэрэ номнуо хас да киһи олоҕун быыһаан, көдьүүстээҕин дакаастыыр. Тэрили туруорууга истиэнэҕэ баһаарынай сигнализация анал лииниьийэлэрин тардыы уонна эбии тэрили атыылаһыы наадата суох. Арай сылга биирдэ батареяны уларытыахха эрэ наада уонна датчик камератын пылесоһунан үрдэрэн ыраастыахха наада.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: