Салгыы
Саха сиригэр “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда эрэгийиэннээҕи филиалыгар социальнай координатордары көрдүүллэр

Саха сиригэр “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда эрэгийиэннээҕи филиалыгар социальнай координатордары көрдүүллэр

10.04.2023, 15:17
Хаартыска: Андрей Сорокин (СИА).
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар социальнай өйөбүл миэрэлэринэн, мэдиссиинэ, социальнай уонна уйулҕа өттүнэн өйүүр, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ арыаллыыр “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда эрэгийиэннээҕи салаатыгар социальнай координатордары көрдүүллэр. Бу туһунан брифинг кэмигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

“Социальнай координатордар дуоһунастарыгар хандьыдааттарга байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын бэйэлэрин уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин эмиэ көрөбүт”, — диэн вице-премьер иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, хас биирдии байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕар эбэтэр дьиэ кэргэнин чилиэнигэр социальнай координатордар сыһыарыллыахтара. Кинилэр байыаннай сулууспаалаах оннун буларыгар (адаптация), мэдиссиинэ, уйулҕа уонна юридическай өттүнэн көмөнү ыларыгар, ону тэҥэ, доруобуйатын чөлүгэр түһэрэригэр, үөрэнэригэр уонна үлэҕэ киирэригэр көмөлөһүөхтэрэ.

Итини тэҥэ, Георгий Степанов өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйүүр социальнай миэрэлэр салҕаналларын иһитиннэрдэ.

“Бүгүҥҥү күҥҥэ ордук мэдииссинэ уонна социальнай өттүнэн чөлүгэр түһэрии ирдэнэр, бу өҥөнү 155 байыаннай сулууспалаах уонна 147 дьиэ кэргэн чилиэнэ туһанна. 75 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэнэ эмтэнэ барарыгар айана төлөннө. Үлэҕэ киириигэ, идэҕэ бэлэмнээһиҥҥэ байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин 65 чилиэнигэр уонна сулууспалаахха бэйэтигэр көмө оҥоһулунна. Ону тэҥэ, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар олорор дьиэлэригэр гаас холботууга 150 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр олохтонно. Күн бүгүн, социальнай өйөбүлү 26 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнэ туһанна”, — диэн иһитиннэрдэ.

Былырыын балаҕан ыйыттан Ил Дархан биэс ыйаахха илии баттаабытын, онно олоҕуран араас социальнай өйөбүл миэрэлэрэ олохтоммуттарын, ол иһигэр биир кэмнээх төлөбүр буоларын санатта. Ыйааҕынан, уопсайа, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэнигэр 19 социальнай өйөбүл миэрэтэ олохтоммут. Ону таһынан, улуустарга олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара уонна куораттааҕы уокуруктара көрөр биэс баазовай муниципальнай миэрэ быһаарыллыбыта.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 сентября
  • 7°C
  • Ощущается: 4°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: