Саха сиригэр алмаас устуоруйата саҕаламмыта…
Адьас сотору Дьокуускайга алмаас бырамыысыланнаһыгар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах – Саха сирин бастакы алмааһа булуллубута 75 сылыгар аналлаах быыстапка аһыллыаҕа. Биһиги дойдуга алмааһы хостооһун устуоруйатын дьоһун суолталаах кэрдиис кэмин туһунан ахтан-санаан ааһарга быһаарынныбыт.
Бастакы эспэдииссийэлэр
Арҕаа Сибиир алмаастаах сирдэрин үөрэтии, чинчийии наадатын туһунан боппуруос өссө Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ туруоруллубута. Оттон 1946 сыл бүтэһигэр ССРС Геологияҕа министиэристибэтин этиитинэн алмааһы көрдүүр соруктаах Тунгусскай геология-чинчийэр эспэдиссиийэтин тэрийэргэ бэлэмнэнии үлэлэрэ саҕаламмыттара. 1949 сыллаахха эспэдиссиийэ аата “Амакинскай” диэҥҥэ уларыйбыта (“амака” эбэҥкилии – эһэ).
Сибииргэ уонна Саха сиригэр алмааһы көрдүүр үлэни тэрийэргэ улахан оруолу академик Михаил Михайлович Одинцов ылбыта, кинини үксүгэр “Сибиир алмаастарын аҕатынан” ааттыыллар. Чуолаан кини Бүлүү өрүс тардыытыгар алмааһы көрдөөһүнү көҕүлээбитэ. Ол кэмнэргэ халбархай быһаарыныыны үөһээттэн ыйыыны күүппэккэ эрэ, кэмчилэммит үбү олоххо киллэрии суотугар ылыммыта.
Ол курдук, 1948 сыллаахха Саха сирин арҕаа өттүгэр Бүлүү үөһээ сүүрүгүн тардыытыгар алмаастаах сири үөрэтиигэ геолог Георгий Хаимович Файнштейн салайааччылаах Тунгусскай (Амакинскай) эспэдииссийэ Бүлүүтээҕи баартыйата бастакынан ылсыбыта.
Ол сезон сүрүн соруга – Бүлүү өрүс Лахарчана салаатыттан Ньурба сэлиэнньэтигэр тиийэ (ол иһигэр, Сунтаар тоҕойуттан арҕаа өттүгэр, өрүс тосту эргииригэр) алмаас баар кэскиллээх учаастактара булуллубуттара.
Алмаас баар!
1949 сыл бэс ыйын саҥатыгар Георгий Файнштейн баартыйата Бүлүүгэ хаттаан кэлбитэ. Баартыйа Бүлүүчээн сэлиэнньэтин арҕаа уонна Сунтаар илин өттүлэрин икки ардыларыгар биир кэмҥэ түөрт учаастакка боруобалары ылан геология үлэлэрин ыыппыта.
Бастакы үс учаастак Бүлүү уҥа кытылыгар Үөһээ Мэйик (Оюсут) нэһилиэгиттэн 25-27 килэмиэтир аллараа баара уонна онно оҥоһуллубут боруобалар “отрицательнай” буолбуттара. Оттон төрдүс учаастагы Кириэстээх нэһилиэгин үөһээ өттүнэн талбыттара. Чуолаан манна атырдьах ыйын 7 күнүгэр 5 миллиграмм курдук ыйааһыннаах, өҥө суох үлтүркэйдээх 1 нүөмэрдээх саха алмааһа булуллубута.
Ол устуоруйаҕа киирбит түгэн туһунан Георгий Файнштейн “За нами встают города” кинигэтигэр: «…Первый алмаз на Вилюе найден в канаве № 9 на косе «Соколиной», в 6 км выше наслега Крестях Сунтарского района 7 августа 1949 г. К середине сентября на этой косе из канав № 9, 10, 11 было добыто 22 алмаза. Первые алмазы в Якутии найдены Вилюйской партией Амакинской экспедиции…»¸– диэн суруйбута.
Бу арыйыы, бастатан туран, Амакинскай эспэдииссийэ Бүлүүтээҕи баартыйатын бэйэни харыстаммат үлэтинэн Саха сирин алмааһын устуоруйатыгар бэлиэ киһи Файнштейн саҥаны арыйыытынан ситиһиллибитэ.
Саха алмаастарын аан бастакынан арыйбыт уонна 1950-52 сылларга Амакинскай эспэдииссийэ 2-с Илиҥҥи биир кэлим баартыйатын начаалынньыга Файнштейн өрөспүүбүлүкэҕэ улахан ытыктабылынан туһанара. Манна сыһыаран эттэххэ, чуолаан көрдүүр үлэлэргэ олохтоох нэһилиэнньэни элбэхтик кытыннарыыны кини көҕүлээбитэ. Бастакы алмаас көстүбүт “Соколинай” кумаҕар хонуу үлэлэригэр 30-ча киһи, ол иһигэр каюр-сирдьит Куонан Кириллин кыттыбыта.
“Соколинай” кумахха алмааһы арыйыы Саха сиригэр уонна бүтүн дойду сиригэр-уотугар алмаастаах сири көрдөөһүҥҥэ тосту уларыйыылаах түгэнинэн буолбута. Бүлүү өрүскэ алмааһы булуу геологтарга кэскиллээх алмаастаах оройуону эрэ арыйбатаҕа, ону таһынан алмаастаах төрүт сирдэри арыйарга көмөлөспүтэ.
Барыта – иннигэр
Саха сиригэр алмааһы булбуттарын 5 сыл кэнниттэн төрүт алмаастаах бастакы сир – “Зарница” кимберлиттээх туруупка, оттон 1955 сыллаахха “Мир” уонна “Удачнай” туруупкалар баай сирдэрэ арыллыбыттара. Ити сыл Амакинскай эспэдииссийэ геологтара таарыччы алмааһы хостооһуну саҕалаабыттара, 1957 сыл саҥатыгар аһаҕас баайдаах сирдэри бырамыысыланнаска туһаныыны тэрийэргэ “Якуталмаз” трест тэриллибитэ.
Саха сирин алмааһы хостуур бырамыысыланнаһын 70-ча сыллаах устуоруйатын тухары бырамыысыланнаска 20-тэн тахса төрүт уонна бытархай боруодалаах сирдэр туһаныллыбыттара, аныгы үрдүк технологиялаах салаа тэриллибитэ, куораттар уонна бөһүөлэктэр, гидроэлектростанциялар тутуллубуттара, сүүһүнэн килэмиэтирдээх массыына суоллара тэлгэммиттэрэ уонна уот лииньийэлэрэ тардыллыбыттара. Ол курдук, Бүлүүгэ алмааһы булуу Саха сирин арҕаа өттүн көстүүтүн уонна олоҕун төрдүттэн уларыппыта, өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй уонна социальнай сайдыытыгар көмөлөһөн, ХХI үйэҕэ эрэллээхтик киириини хааччыйбыта. “Якуталмаз” базатыгар тэриллибит АЛРОСА хампаанньа билигин алмааһы хостооһуҥҥа аан дойдуга бастакы миэстэҕэ сылдьар, Саха сирин экэниэмикэтин флагманынан буолар уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүтүөн дохуотун үс гыммыт биирин хааччыйар. Хампаанньа балаансатыгар алмаас миллиартан тахса карата саппаас быһыытынан баар. Саарбахтааһына суох, инникитин сэдэх уонна сыаналаах алмаастаах, кэскиллээх баайдаах сирдэр өссө да хостонуохтаахтар. Оттон алмаас салаата өр сылларга Саха сирин сайдыытын хамнатар күүһүнэн хаалыаҕа.
«АЛРОСА – Саха сирин алмаастаах устуоруйата” быыстапка 2024 сыл атырдьах ыйын 7 күнүттэн алтынньы 30 күнүгэр диэри Комдрагмет дьиэтигэр үлэлиэҕэ. Саха сирин киин куоратын олохтоохторо уонна ыалдьыттара АЛРОСА кэлиэксийэтиттэн анал ааттаах алмаастары уонна сэдэх морфологическай быһыылаах алмаастары көрөр кыахтаныахтара.
Биир күҥҥэ икки бырааһынньык
Алмааһы хостооччулар бэйэлэрин идэлээх бырааһынньыктара сыл аайы от ыйын үһүс өрөбүлүгэр – металлургтары кытары биир күн бэлиэтэнэр. Икки бырааһынньык үөскээбит устуоруйата 1957 сылы кытары ситимниир. Ити сыл сэбиэскэй бырабыыталыстыба байыаннай уонна сэрии кэннинээҕи сылларга дойду металлургиятын өҥөтүн бэлиэтээн, Металлург күнүн олохтообута. Эмиэ бу сыл дойдуга хайа-хостуур бырамыысыланнаһы барытын салайар ССРС Өҥнөөх металлургиятын министиэристибэтигэр бас бэринэр “Якуталмаз” трест тэриллибитэ. Саха сиригэр алмааһы бырамыысыланнай хостооһун саҕаламмыта, кылгас кэм иһигэр бырамыысылыннас саҥа салаата – алмааһы хостуур салаа үөскээбитэ. Бу салааҕа үлэлээбит дьон бары бэйэлэрин идэлээх бырааһынньыктарын металлурдары кытары биир күн, ол эрэн Алмааһы хостооччу күнүн быһыытынан бэлиэтииллэр.
Р. ПОЛЯРНАЙ СУРУЙУУТУТТАН ТЫЛБААС.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: